Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

НовостиНовости партнёров

«Арчы Дьиэтэ» 20 сылынан итии-истин эҕэрдэ!

Убаастабыллаах Лариса Константиновна уонна «Арчы Дьиэтин» үлэһиттэрэ!

«Симэх» норуот искусстватын уонна уус-уран оҥоһуктарын Национальнай киин аатыттан «Арчы Дьиэтэ» 20 сылын бэлиэтиир үөрүү үктэллээх үбүлүөйгүтүнэн итиитик-истинник эҕэрдэлиибит!

Айыы аймаҕын кутун-сүрүн көччүтэн, сырдыгы-кэрэни кэрэһэлээн, бар дьоҥҥутун, саха аймаҕын үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйан үлэлии-хамсыы сылдьаҕыт. Иннигитигэр саҥа саҕахтар, үрдүк кирбиилэр угуйа-ыҥыра турдуннар!

Үүнэр-үллэр үйэҕэ айар-тутар талааҥҥыт, кэрэ эйгэҕит Айыы аймfҕын, күн үтүө дьоҥҥутун тоҥ бэйэлэрин тобула, ил бэйэлэрин ириэрэ туруҥ!
Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥүтүнэн эһиэхэ баҕарар баҕа санаабыт барыта туолуохтун, олоххо киириэхтин!
Чэгиэн-чэбдик олохтонуҥ, күрсүө-сэмэй доҕоттордонуҥ!
Дьоллоох олох аргыстаныҥ, айар үлэ ситиһиилэниҥ, үгүс үөрүүлээх күннэниҥ!

113

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *