Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

Новости

Хатылыга тимир ууһа Көстөкүүнэп үбүлүөйүнэн күүгүнүүр күөртээх күөн күрэс буолан ааста

Бала5ан ыйын 16 күнүгэр Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгэр бэлиэ күн үүннэ. Чурапчы улууһугар норуот маастара, СӨ тимир уустарын уопсастыбаннай түмсүүтүн чилиэнэ, “СӨ дьиэ кэргэн үнүстүүт уонна аҕа аатын үрдэтиигэ кылаатын иһин” бочуоттаах бэлиэ хаһаайына Анатолий Иванович Константинов 70 сааһын туолла. Бу бэлиэ күҥҥэ олоҕуран, Анатолий Иванович былыргы саха тимир уустарын уһанар дьоҕурдарын, сатабылларын сөргүтэн, кистэлэҥ билиилэрин сылыктаары, аныгы кэмҥэ дьүөрэлии тутан сайыннараары итиэннэ эдэр көлүөнэҕэ тиэрдээри, уустук идэни дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдатаары, саха быһаҕын охсууга төрүт ньыманы көрдөрөөрү тимир уустарын икки ардыларыгар улахан күрэхтэһиини тэрийдэ. Анатолий Константинов өссө 2011 сыллаахха, Хатылы нэһилиэгэр, баһылык Ульяна Атласова өйөбүлүнэн “Уус дьиэтэ” диэни тэринэн, Хатылылар улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ уус быһыытынан биллэн-көстөн барбыттара.

Тэрээһин саха киһитин сиэринэн алгыстан саҕаланна. Дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр, Чурапчы улууһугар ытыктанар тимир ууһа – Василий Степанович Попов-Бааха Уус алҕаата.

Үбүлүйүөдээх Анатолий Константиновы улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Егор Сивцев, Хатылы нэһилиэгэр бу соторутааҕыта баһылыгынан талыллыбыт Вячеслав Попов, СӨ Ил Түмэнин дьокутаата Семен Березин, СӨ Тимир уустарын түмсүүтүн аатыттан Михаил Баишев, Чурапчы улууһун култуураҕа салалтатын култуурунай нэһилиэстибэ уонна фольклор салаатын салайааччыта Валерий Герасимов, Чурапчы улууһун уран тарбахтаах уустарын түмэр “Ай” норуодунай устуудьуйа салайааччыта Сусанна Дьячковская уонна Муосчут кыыһа Айылгы Пинигинэ, Анатолий Иванович бииргэ төрөөбүт убайа Валентин Иванович, балтыта Наталья Ивановна эҕэрдэлээтилэр.

Күрэхтэһиигэҥ улуустан уонна Дьокуускай куораттан кыттыыны ыла кэллилэр. Манна уустар тимири таптайан, 14-15 см уһуннаах биилээх быһаҕы оҥорон, кылааннаан, уктаан таһаардылар. Ону тэҥэ быһахтарынан хаптаһыны үүттээн, талаҕы, сиэли, кумааҕыны быһан көрдөрдүлэр.

Күрэхтэһии түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ кылаан кыайыылаахха “Күүгүнүүр күөртээх, кытыастар кыһалаах Кыдай бахсылааны сыдьаана” диэн анал ааты Нам улууһун тимир ууһугар Михаил Баишевка иҥэрдилэр.

Ону таһынан анал ааттар иҥэрилиннилэр:
“Кыларыйар кылааннаах Айыы ууһа”- Татаринов Иннокентий
Хрисанфович (Таатта, Ытык Куел)
“Өргөстөөх үөстээх Өбүгэ ууһа” – Аржаков Семен Николаевич
(Чурапчы, Хатылы)
“Түөлбэ үгэстэрин үйэтитээччи”- Максимов Семен Николаевич
(Таатта, Ытык Куел)
“Аныгы көрүүлээх Албан уус” – Эдвард Хомус (Чурапчы)
Биһирэбил бириистэр: Тарабукин Эдуард Эдуардович (Таатта, Ытык Куел),
Максимов Федот Николаевич (Мэҥэ Хаҥалас, Төхтүр), Данилов Иннокентий
Иванович ( Нам, 1 Хомустаах), Дягилев Петр Борисов (Таатта, Ытык Күөл)

Мантан салгыы уустар “Саха быһаҕын сайдыыта: төрүт үгэстэр уонна аныгы кэм” диэн тиэмэҕэ санаа атастастылар.

 

Семен Жендринскай хаартыскаҕа түһэриитэ

166

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *