Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

АнонсыНовости

“Кыларыйар кылаан” төрүт үгэскэ олоҕуран аныгылыы ньыманан тимиртэн бадаайы оҥоруутугар күөн-күрэс

Чурапчы нэһилиэгэ тэриллибитэ 375 сылыгар аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыах чэрчитинэн “Кыларыйар кылаан”
төрүт үгэскэ олоҕуран аныгылыы ньыманан тимиртэн бадаайы оҥоруутугар күөн-күрэс тосхоло
Буолар сирэ: Чурапчы нэһилиэгэ, Маҕаайы алааһа, Уус түһүлгэтэ;
Буолар кэмэ: 2023 сыл бэс ыйын 17-18 күннэрэ

Күрэс ирдэбиллэрэ:
• Кыттааччылар Чурапчы ыһыаҕын кэмигэр саха биилээх-уһуктаах оҥоһугун, бадаайыны, тимиртэн эллээн, уктаан, тургутууну ааһарга туһааннаах гына тупсаҕайдык оҥороллор;
• Күөн-күрэскэ 2 киһилээх хамаанда кыттар, туттар малын илдьэ кэлэр, аныгы күөрт (электроподдув), чочу, “болгарка” эрбии туттар көҥүллэнэр;
• Оҥоһук кээмэйэ: биилээх өттө: халыҥа 0,8 – 1 см., кэтитэ 4,5 – 5 см., уһуна 27 – 30 см; уга: 27 – 30 см;
• Бадаайы биитэ бэлэм тимиртэн төрүт үгэстэри тутуһан аныгылыы ньыманан оҥоруллар, уга кыттааччы бэйэтэ талбыт материалыттан (хатыҥ, тирии, муос, өҥнөөх тимир уо.д.а.) хайдах баҕарар буолара көҥүл;
• Дьүүллүүр сүбэ, ыһыах дьонун көрүүтүгэр быыстапкаҕа туруорарга анаан уурар тупсаҕай көстүүлээх олохтоох (подставкалаах) буолар. Эрдэттэн оҥорон бэлэмнээн аҕалар көҥүллэнэр;
• Дьүүллүүр сүбэ бадаайыны тургутан көрүүтэ (тимири, уҥуоҕу, тириини, тутум кылы, хатыс быаны быһыы, маһы быһа охсуу, мууһу көйүү) уопсай сыанабыл чэрчитинэн ыытыллар;
• Кыттааччылар оҥоһуктара Чурапчы улууһун норуот уус-уран оҥоһуктарын “Ай” народнай студиятын фондатыгар хаалар.
Күөн-күрэс хаамыыта:
Бэс ыйын 17 күнэ:
• 9-10чч. – уус түһүлгэтигэр мустуу, регистрация;
• 10-11чч. – уһанар миэстэни тэринии, быыстапкаҕа аҕалбыт оҥоһуктары туруоруу;
• 11:30-12:30 – күөн-күрэс арыллыыта, алгыс сиэрэ-туома;
• 12:30-14:00 – түһүлгэлээн аһылык;
• 14:00 – уһаныы саҕаланыыта;
Бэс ыйын 18 күнэ:
• сарсыардаттан күн оройугар диэри уһаныы;
• эбиэт;
• 15:00-17:00 – бадаайылары тургутуу түһүмэҕэ;
• 17:00-18:00 – дьүүллүүр сүбэ үлэтэ;
• 18:00-20:00 – наҕараадалаааһын, түмүк.
Күөн-күрэс түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ анал ааттары, кыайыылаах 1,2,3 үрдэллэрин, Кылаан кыайыылааҕы быһаарар. Улуустартан уустар делегациялара, күөн-күрэххэ кыттар хамаандалар эрдэттэн оҥоһуллубут бэлэм уус-уран тупсаҕай оҥоһуктары, быһахтары илдьэ кэлэн атыыны-тутууну тэрийэллэрэ биһирэнэр.

361

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *