1941-1945 сс. Улуу Кыайыы Аҕа Дойду сэриитин 75сылын көрсө саха норуотун төрүт үгэһинэн Туймаада Ыһыаҕа (куйаар нөҥүө ситиминэн) “Кыл киэргэлэ, сиэл симэҕэ” кылтан, сиэлтэн оҥоһуктарга күрэх балаһыанньата
Сайаапканы хомуйуу – бэс ыйын 9 күнүттэн бэс ыйын 19 күнүгэр диэри.
Дьүүллүүр сүбэ улэлиир кэмэ – бэс ыйын 20 кунэ;
Түмүк – бэс ыйын 21 күнэ – www.cultura14.ruуонна @simexsakha тахсыа;
Тэрийээччи:
Дьокуускай куорат култууратын уонна духуобунай сайдыытын управленията Instagram куйаар ситимин сирэйэ @upravlenie_cultury_yakutsk;
Сайта: www.cultura14.ru
Норуот национальнай уонна прикладной искусствотын “Симэх” автономнай тэрилтэтэ Instagram куйаар ситимин сирэйэ @simexsakha, e-mail:simex20@mail.ru;
Сайта: www.simex-sakha.com
Буолар сирэ: Instagram куйаар ситимигэр #кылкиэргэлэЫсыахТуймаады2020
Сыала-соруга:
Дьөһөгөй сиэлиттэн, кылыттан араас оҥоһуктары хатар, өрөр үтүө үгэстэри сөргүтүү.
Кылтан, сиэлтэн оҥоһуктар арчылыыр, араҥаччылыыр, эмтиир сүдү суолталарын киһи доруобуйатыгар туһаныы.
Кылынан, сиэлинэн утумнаан дьарыктанар норуот маастардарын үлэлэрин киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрии.
Саҥа саҕалааччылары уонна сөбүлээн дьарыгырааччылары өйөөһүн.
Ыытыллар бэрээдэгэ:
Күрэххэ кыттааччы сааһынан хааччахтаммат, ханна олороруттан тутулуга суох ким баҕалаах бары кыттыыны ылыан сөп. Күрэх бөлөҕүнэн арахсар:
1 бөлөх – норуот маастардара.
2 бөлөх – саҥа саҕалааччылар уонна сөбүлээн дьарыгырар дьон.
Ирдэбил:
Кыттааччы сахалыы таҥастаах буолуохтаах;
бэйэтин билиhиннэриэхтээх уонна оҥоһуктарын туһунан кылгастык кэпсээн сырдатыахтаах. (3 мүнүүтэттэн уһаабат)
Биhирэбил:
Кыайыылаахтарга биирдии бөлөҕүнэн 1, 2, 3 миэстэ ону таhынан анал бириистэр.
Хас биирдии кытааччыга https://www.cultura14.ru/ сайтка кыттыбытын туһунан «Туоһу сурук» туттарыллыа, кыайыылаахтарга дипломнар.
Түмүк, дьүүллүүр сүбэ:
дьүүллүүр сүбэҕэ Норуот национальнай уонна прикладной искусствотын “Симэх” автономнай тэрилтэтиттэн анал идэлээх, кылтан сиэлтэн оҥоһуктары тэнитээччилэр, тарҕатааччылар үлэлиэхтэрэ;
дьүүллүүр сүбэ таһаарбыт түмүгэ мөккүһүүгэ, ырытыыга барбат;
Көрөөччү биһирэбилэ анал аат @simexsakhaInstagram ситимигэр #кылсиэлЫсыахТуймаады2020 “хештег” нөҥүө элбэх “лайк” хомуйбут кыттааччы кыайыылаах аатын сүгүөҕэ.
Хомуйуу бэрэдээгэ:
Оҥоһуктаргыт туһунан 3 мүнүүтэттэн тахсыбат видеопрезентацияҕытын бэс ыйын 9 күнүттэн бэс ыйын 20 күнүгэр 10 чааска диэри @simexsakha Instagram сирэйгитигэр устан угаҕыт
Сыһыарыыны толороҕут
Бэлиэтииргит БУЛГУЧЧУЛААХ:
@simexsakha
@upravlenie_cultury_yakutsk;
https://www.cultura14.ru/
#кылкиэргэлэЫсыахТуймаады2020
#ЫсыахТуймаады2020
ИРДЭБИЛЛЭРИ ТОЛОРБОТОХТОР ТУТАТЫНА КҮРЭХХЭ САТААН КЫТТЫБАТТАР
БОЛҔОМТОЛООХТУК ТОЛОРОРГУТУГАР!
Сыһыарыы 1
“Кыл киэргэлэ, сиэл симэҕэ”
кылтан, сиэлтэн оҥоһуктарга күрэх сайаапка
Куорат, улуус ___________________________________________
Кыттааччы А.А.А.А.______________________________________
Норуот маастара аат баарын, суоҕун булгуччу ыйаҕыт: баар суох
Идэҕит _____________________________________________
Хас сыл кылынан, сиэлинэн дьарыктанаҕыт_________________
Билсэр телефон__________________________________________
e-mail:____________________________________________________________