Алгыстаах ааттаах муосчут
Балаҕан ыйын 23 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатын историческай саалатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара, Россия үтүөлээх худуоһунньуга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай худуоһунньуга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтун профессора Константин Меркурьевич Мамонтов үлэтигэр, олоҕор аналлаах «Алгыстаах ааттаах муосчут» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ ыытылынна.
Кинигэни Константин Меркурьевич олоҕун аргыһа РФ үөрэҕириитин туйгуна, РФ айар худуоһунньуктарын союһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһуктарын маастара Людмила Николаевна Мамонтова иилээн-саҕалаан таһаартарда.
Кинигэни Октябрина Прокопьевна Булатова-Максимова, СР «Гражданскай килбиэн» анал аат хаһаайына, СР үөрэҕириитин туйгуна, Сунтаар улууһун Сиэйэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо кыһамньылаахтык хомуйан оҥорбут. Тэрээһини кылыһахтаах эҕэрдэ тойугунан арыйда Константин Меркурьевич эдьиийин Тамара Меркурьевна кыыһа Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх оһуохай этээччитэ Антонина Саввична Алексеева.
1991 сыллаахха Константин Меркурьевич Бүлүү куоратыгар туспа оҕо художественнай оскуолатын арыйары ситиспитэ. Бу оскуола маҥнайгы директорынан айымньылаахтык таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Константин Меркурьевич элбэхтик сыралаһан, туруорсан Артикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтугар «Муостан кыһыы» идэтин астарары ситиспитэ. 2008 сыллаахха «Художественная резьба по кости»–диэн Константин Меркурьевич арыттарбыт идэтигэр уһуйуллан Саха сиригэр бастакы үрдүк үөрэхтээх специалистар–муоһу кыһааччылар иитиллэн тахсыбыттара.
Кинигэ сүрэхтэнэр бэлиэ күнүгэр 1971-1975 сылларга Петр Романов аатынан Дьоккуускайдааҕы художественнай училищеҕа бииргэ бииргэ үөрэммит доҕотторо Россия үтүөлээх, СӨ народнай художниктара Федор Марков, Афанасий Романов, курстарын салайааччыта, преподавателлэрэ, СР, РФ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, профессор, искусствовед Иванова-Унарова Зинаида Ивановна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Александрович Крылов,Национальнай художественнай музей сотруднига Заровняева Варвара Ильинична, СӨ народнай худуоһунньуга, норуот маастара Зверева Анна Николаевна, Бүлүү куоратыгар оҕо художественнай оскуолатыгар бииргэ үлэлээбит биир идэлээҕэ, оскуола директора Николаева Светлана Ивановна, СӨ нэһилиэнньэтин көмүскэллээх буолуутун сулууспатын үтүөлээх үлэһитэ, Күүкэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Константин Меркурьевич Антонина Васильевна Степанова уо.д.а. ахтан-санаан аастылар, кинигэни оҥорооччуларга махтал истиҥ тылларын эттилэр. Бу күн ылбаҕай ырыалар ылланныллар, хомоҕой хоһооннор ааҕылыннылар.
Быйыл алтынньы 3-4 күннэригэр «Симэх» Национальнай Киин тэрийиитинэн ыытыллар «Юные мастера» Саха Өрөспүүбүлүкэтин тарбаҕар талааннах ыччаттарын фестивала Константин Меркурьевич Мамонтов аатыгар ананан ыытыллыаҕа. Константин Меркурьевич сырдык олоҕо, саха норуотун уус-уран ускуустубата сайдарыгар киллэрбит кылаата дьоһун дириҥ суолталаах, тыргыллар, салҕанар суоллаах-иистээх. Кини туһунан сырдык өйдөбүл биһиги сүрэхпитигэр өрүү баар буолуоҕа…