Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

Новости

Быдан дьылларга быраһаай…..

Саха сирин тылынан уус-уран айымньыта, научнай эргимтэтэ, култуурата, ускуустубата, общественноһа ыар сүтүктэннилэр. 80 сааһыгар ыарахан ыарыы кэнниттэн саха тылынан уус-уран чыпчаал айымньытын Олоҥхону, төрүт култуураны, норуот үгэстэрин үөрэтиигэ олоҕун анаабыт чинчийээччи, филологическай наука кандидата Агафья Еремеевна Захарова күн сириттэн күрэннэ.

Агафья Еремеевна Захарова олунньу 9 күнүгэр 1944 сыллаахха Саха АССР Уус- Алдан улууһун Өнөр нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Мүрү орто оскуолатын кэнниттэн Н.К.Крупская аатынан Ленинградтааҕы култуура государственнай институтугар үөрэххэ киирбитэ. 1968 сыллаахха республикатааҕы культурнай-сырдатар училище преподавателинэн үлэлээбитэ. 1970 сыллаахха Н.К.Крупская аатынан Ленинградтааҕы култуура государственнай институтун очнай аспирантуратыгар үөрэнэ киирбит.
Кандидатскай диссертациятын көмүскээн баран 1978-1991 сылларга Саха государственнай университетын историко-филологическай факультетын ассистенынан, старшай преподавателынан, декан солбуйааччытынан айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Үгүс көлүөнэ ыччаты саха тылын баай илгэлээх сырдык эйгэтигэр уһуйбута. Олох киэҥ аартыгар киэҥ билиилээх специалистары иитэн таһаарыыга даньыардаахтык үлэлээбитэ. Саха фольклоругар теоретическай уонна практическай курстары, революция иннинээҕи уонна аныгы саха литературатын историятын филологическай уонна педагогическай факультеттарга сэргэхтик тэрийэн ыыппыта.

Захарова А.Е. – Саха государственнай университетын иһинэн тэриллибит проблемнай лаборатория көхтөөх кыттааччыта этэ. Бу лаборатория иһиттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай оскуолатын Концепцията суруллан, чочуллан тахсыбыта. Агафья Еремеевна национальнай үрдүк үөрэх кыһаларын Концепциятын модель быһыытынан оҥорбута. Маныаха кини сүрүн олоҕурбут источнигынан педагогическай уонна культура, ускуустуба институтарын моделлара буолбуттара. // «Социалистическая Якутия» хаһыат 29.02. 1992 c. Күн бүгүн бу моделлар М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет педагогическай института, Артикатааҕы культура уонна ускуустуба государственнай института буолан үлэлии тураллар.
В 1991 сыллаахха Агафья Еремеевна гуманитарнай чинчийии институтугар үлэлии барар, фундаментальнай науканы уонна үрдүк үөрэх эйгэтин кытта дьүөрэлээн айымньылаахтык үлэлиир. Бу сылларга Агафья Еремеевна этии киллэриитинэн, тэрийиитинэн, суруйуутунан үөрэҕирии, наука, культура уонна ускуустуба эйгэтигэр үгүс ахсааннаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи, регионнааҕы, бүтүн Россиятааҕы, аан дойдутааҕы проектар, тэрээһиннэр ыытыллыбыттара. Захарова А.Е. өр сыллаах аан дойдутааҕы таһымнаах научнай проектарга туох баар билиитин-сатабылын ууран туран үлэлэспитэ. Ол курдук 2003-2005 сылларга ЮНЕСКО-ҕа «Саха норуотун чыпчаал уус-уран айымньыта Олоҥхо» киһи-аймах уһулуччулаах тылынан уус-уран айымньытын статуһун ыларыгар, 2007-2009 сылларга ЮНЕСКО иһинэн «Циркумполярная цивилизация в музеях мира: вчера, сегодня, завтра» тэрээһин иһинэн «Олоҥхо оскуолата» өр сыллаах инновационнай проект уо.д.а. автордарыттан биирдэстэринэн буолар.
Кини быһаччы научнай салайыытынан гуманитарнай чинчийии институтун «Олоҥхо» киинин сотрудниктарын сыралаах үлэлэрин түмүгэр 2003-2007 сылларга «Сохранение, изучение и популяризация Олоҥхо» Саха Өрөспүүбүлүкэтин государственнай целевой программата Өрөспүүбүлүкэ сокуонун быһыытынан ылыныллыбыта. Саха норуотун чыпчаал айымньыта Олоҥхо 2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр бүтүн аан дойду киһи-аймах уһулуччулаах айымньытын быһыытынан ЮНЕСКО быһаарыытынан бигэргэтиллибитэ.
2006 сыллаахха уйгу сирэ Уус-Алдаҥҥа Суоттуга ЮНЕСКО генеральнай директора Коитиро Мацуура сырыытыгар Саха сирин олоҥхотун, норуот үйэлээх уһанар-иистэнэр, тылынан уус-уран айымньытын үтүө үгэстэрин билиһиннэри, көрдөрүү буолбута. Бу бырайыак иһинэн «Устойчивое развитие арктических регионов РФ, стран Арктики в контексте образования, науки и культуры» аан дойдутааҕы научнай форум Дьокуускай куоракка ыытыллыбыта. Форум түмүгүнэн ЮНЕСКО уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Российскай Федерация икки ардыларыгар культураҕа, наукаҕа уонна үөрэҕириигэ бииргэ үлэлииргэ Коммюнике илии баттаммыта.
2006-2015 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо уон сыла биллэриллибитэ. 2006-2009 сылларга Агафья Еремеевна этии киллэриитинэн уонна быһаччы салайыытынан «О защите и сохранении эпического наследия народов Республики Саха (Якутия)» Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуона ылыныллыбыта. Агафья Еремеевна ЮНЕСКО-ҕа суруйбут былаанын быһыытынан Олоҥхо театрын Концепцията суруллубута. 2008 сыллаахха Олоҥхо театра тэриллибитэ.
Захарова А.Е., филологическай наука кандидата, доцент, профессор, 2000-2014 сылларга Артикатааҕы культура уонна ускуустуба государственнай институтун «Арктика норуоттарын фольклора» факультет деканынан үлэлээбитэ. Бу факультет Захарова А.Е., Новиков А.Г., Покатилова И.В. суруйбут Концепцияларыгар олоҕуран тэриллибитэ.

Захарова А.Е Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр культура, наука, үрдүк үөрэх, ускуустуба эйгэтигэр бөдөҥ научнай проектары суруйбут, салайбыт ученай, саха төрүт култууратын, тылынан уус-уран айымньытын эйгэтин үөрэппит, чинчийбит учуонай быһыытынан билиниллэр. Агафья Еремеевна 200-тахса научнай үлэлэр, ыстатыйалар, хрестоматиялар, оскуолаҕа уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэтэр кинигэлэр. пособиелар автордара, сахалыы, нууччалыы уо.д.а. тылларынан научнай-популярнай таһаарыылары оҥорбута. Өр сыллаах сыралаах научнай үлэтин түмүктэринэн сүрүн фундаментальнай үлэлэри суруйбута:
1. «Архаическая ритуально-обрядовая символика народа саха (по материалам олонхо)» // Новосибирск, Наука, 2004 – 315 с.;
2. «Якутский героический эпос олонхо: сохранение, изучение и развитие» (по материалам Всероссийской научно-практической конференции) //Якутск, 27 декабря 2019 г.). Якутск: Алаас. – 472 с.;
3. «Олонхо: учение традиционного наследия. «Ытык Бичик» //Якутск, АО НИК «Айар», 2023. – 176 с.; В.Л. Серошевский. Якуты. II том. Составитель и автор гранта Русского географического общества. Якутск: Алаас, 2022. – 320 с.:
Кини араас сылларга суруйбут научнай ыстатыйалара корейскай, японскай, польскай, английскай, турецкай, немецкай тылларга тылбаастанан бэчээттэммиттэрэ.
Захарова А.Е айымньылаах, киэҥ далааһыннаах общественнай үлэни ыытан кэлбитэ. ЮНЕСКО дьыалаларыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай комитетын бюротун чилиэнэ, Олоҥхо уон сылын ыытар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай комитетын чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Олонхо» Ассоциация чилиэнэ, үгүс ахсааннаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи, регионнааҕы, аан дойдутааҕы экспертнай комиссия чилиэнэ этэ.
Агафья Еремеевна өр сыллаах, үтүө түмүктээрдээх, научнай-педагогическай, культурнай-сырдатар, тэрийэр-общественнай үлэтэ үрдүктүк сыаналаммыта:
1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна (1995 г.);
2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Гражданскай килбиэн» бэлиэ (2003 с.);
3. Култуура уонна ускуустуба эйгэтигэр үтүөлэрин иһин «П.А.Ойунуускай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин государственной бириэмийэтин лауреата» ((2005 с.);
4. «Уус-Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо» (2006 с.);
5. «Үөрэҕирии, наука уонна культура эйгэтигэр Российскай Федерация уонна Холбоһуктаах Нациялар тэрилтэлэрэ бииргэ үлэлэһиилэригэр тус улахан кылаатын иһин» ЮНЕСКО дьыалаларыгар Российскай Федерация комиссиятын Диплома (2006 с.);
6. Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Ыччат бэлиитикэтин туйгуна» (2009 с.);
7. Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Профессиональнай үөрэҕириитин туйгуна» (2009 с.);
8. «Учууталлар учууталлара» бэлиэ (2009 с.);
9. Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ» (2015 с.).

«Симэх» норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын Национальнай Киинин кэлэктиибэ саха кутун-сүрүн, тылын-өһүн, норуот уус-уран айымньытын, үйэлээх үгэстэрин сылаас сырдык эйгэтин туруулааһааччыта, сырдатааччыта, бөдөҥ чинчийээччи-учуонай, өр сылларга бииргэ алтыспыт ытыктыыр биир идэлээхпит, доҕорбут Агафья Еремеевна Захарова күн сириттэн күрэммитинэн уолугар, аймах-билэ дьонугар, бары билэр дьонугар дириҥ кутурҕанын тиэриэрдэр. Аһыыгытын тэҥҥэ үллэстэбит. Быдан дьылларга быраһаай, күндү Агафья Еремеевна.

1 210

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *