Дьоллоох дьоро күннэр
Бу дьыл ахсынньы ыйыгар Дьокуускай куораттан, Бүлүү, Чурапчы, Амма, Кэбээйи, Сунтаар улуустарыттан норуот маастардара мустан, дойдубут тэбэр сүрэҕэр – улуу Москва куоракка – тутуспутунан бииргэ тиийэн, умнуллубат бэлиэ дьоро күннэрбит буолан аастылар.
Ол курдук Сахабыт өрөспүүбүлүкэтин култууратын министерствотын көмөтүнэн икки нэдиэлэ устата “Бэс Чагда” санаторийга сынньанныбыт, эмтэннибит уонна улахан тэрээһиннэргэ кытынныбыт.
Ахсынньы 8 – 9 күннэригэр Россия Уьук Илинни Федеральнай уокурук куннэригэр аналлаах регионнар быыстапкалара тэрилиннэ. Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар до5ордоьууларын дьиэтин (сал.Игнатьева Я.В.) уонна Норуот искусствотын уонна уус-уран оҥоһуктарын “Симэх” Национальнай киинин (сал.Гоголев А.Н.) тэрийиилэринэн өрөспүүбүлүкэ маастардарын чулуу үлэлэрэ быыстапкаҕа кытыннылар. Сорох биирдиилээн үлэлэр сэҥээрээччилэргэ-сэргээччилэргэ атыыланнылар. Көрө-билэ кэлбит араас омук дьоно-сэргэтэ маастардар бары сахалыы таҥна сылдьарбытын олус сэргээтилэр, тохтоло суох хаартыскаҕа түһэрдилэр. Биир түгэҥҥэ Сахабыт өрөспүүбүлүкэтин бастакы президена Николаев М.Е. биһигини үөрдэ-көтүтэ тиийэн кэлэн, оҥоһуктары көрдө-иһиттэ, санаатын үллэһиннэ.
Бу быыстапкаҕа биһиги маастардарбытын сэргэ атын регионнар маастардарын оҥоһуктара кэчигирэспиттэрэ олус сонуннук көһүннэ. Быыстапка турар дьиэтэ-уота киэҥэ-куоҥа да сүрдээх эбит. Ким баҕарар үөрэ-көтө көрүөх-истиэх, сөҕүөх-махтайыах дьоһун кэрэ үлэлэрэ бааллар.
Ахсынньы 15 күнүгэр үрдүк таһымнаах муода аан дойдутааҕы “Этно-Эрато – 2018” куоҥкуруһа буолан ааста. Куоҥкурус хас да хайысханан ыыттыллар эбит. Араас дойдуттан кыттааччы да элбэх. Бииртэн биир ураты көстүүлээх таҥас-сап көрдөрүүгэ субуруччу тахсан истэ.
Өрөспүүбүлүкэбит аатыттан кыттыбыт маастардарбыт бары ситиһиилэннилэр. Ол курдук Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгиттэн төрүттээх өрөспүүбүлүкэ уус-уран оҥоһуктарын маастара Семенова А.Н. Сибиир, Уһук Хоту уонна Илин сытар дойдулар омуктарын таҥастарын-саптарын көрдөрүүгэ кытынна. Анна Николаевна эмискэ көрө түһүүгэ бэрт сэмэйдик, ол эрэн харахха быраҕыллар курдук ураты сиэдэрэйдик тигиллибит саха далбар хотунун урукку уонна билиҥҥи кэмнэрдээҕи мааныга кэтэр уонча таҥаһын-сабын көрдөрдө. Маастар чахчы сөптөөхтүк бастыаҕын бастаабыт туйгун үлэлэрдээх буолалларын билинэн, сарсыныгар ыытыллыбыт миэстэлэспит маастардар дьоро киэһэлэрин кэмигэр оннооҕор көрөөччүлэр хас биирдии оҥоһугу ытыс тыаһынан көрүстүлэр уонна саала иһиттэн сорохтор уруйдаан, үөгүлэһэ олордулар.
“Симэх” Национальнай киин салайааччыта Гоголев А.Н. эскиһинэн маастардар бөлөхтөрө тикпит “Хотугу таба туһунан үһүйээн” диэн оҥоһуктара эрэллээхтик үһүс миэстэни ылла. Правительство дьиэтин улахан саалатыгар кыһыл көмүс дуйунан күлүмүрдүү сыдьаайбыт таҥастаах-саптаах хотугу табабыт көстүүмүн кэппит эдэркээн кыысчаан тахсан кэлбитигэр көрөөччүлэр эмиэ ытыс тыаһынан эҕэрдэлии көрүстүлэр.
“Симэх” Национальнай киин биир киэн туттар маастара, сааһырары-сылайары билиммэт, атын маастардарга тыыннаах холобур буолар Гуляева О.И. хас да улуус маастардарын кытта кыттыһан тигэн, сахалыы кыбытыктаах сэлиэччиктэрин көрдөрө аҕалбыта эмиэ үһүс миэстэни ылан, үөрүү-көтүү өрөгөйдөөтө. Көрдөрүүгэ кыттыспыт эдэркээн кыргыттар маннык сэлиэччиктэри бүрүүкэни да кытта кэтиэхпитин сөп эбит диэн бэйэлэрин санааларын эттилэр.
Маны таһынан “Олоҥхо оһуордаах дойдутун сиэдэрэй сибэккилэрэ” диэн саха эдэр далбардара бэлиэ кэмнэргэ көрдөрөллөрүгэр анаан тигиллибит дьэрэкээн таҥас-сап ( “Симэх” НК, Пахомова Н. Г.) уонна “Дьыл кэмнэрэ” диэн сонун көстүүлээх оҥоһуктар (ФАПК “Саха булт”, Филиппова О.Н.) ааптардара биһирэнэн, махтал суругун туттулар. Онон Сахабыт өрөспүүбүлүкэтин аатыттан кыттыбыт маастардар бары чиэскэ-бочуокка тигистилэр.
Бу быыстапкаҕа кыттыбыт маастардар үлэлэрин өр сыллар устата култуура салаатыгар таһаарыылаахтык үлэлээбит Пинигина В.Д. сыаналыыр хамыыһыйа толору өйдүүрүн, сыаналыырын курдук сахалыы муусука уонна ырыа доҕуһуоллаах дорҕоонноох куолаһынан улуу нуучча тылынан сырдатта. Маны сэргэ иннэ-кэннэ биллибэт кыттааччы, көмөлөһөөччү ортотугар тэҥҥэ сылдьан, “Ситии” түмсүү (Сунтаар улууһа, Кутана нэһилиэгэ) маастардара Токуева М.В., Иванова В.В., Иванова А.П. кыттааччылары олбу-солбу таҥыннаран-сабыннаран, бэркэ көмө-ньыма буоллулар. Онон барыта орун-оннугар, кэмиттэн кэмигэр табыллан-сатанан истэ.
Онтон сарсыныгар көрөөччүлэргэ анаан, кыайыылаахтар киэҥ ис хоһоонноох дьоро күннэрэ ыытылынна. Бастыҥтан бастыҥ кыттааччылар дьоҥҥо-сэргэҕэ бииртэн биир үтүө түгэннэри бэлэхтээн, тохтоло суох субуруһан тахсан истилэр. Ол быыһыгар кэрэ куоластаахтар ырыалара дьиэрэйдэ, сонун үҥкүүһүттэр көтө-дайа көттүлэр. Чахчы да умнуллубат дьоро күн буолла.
Быыстапкалар кэннилэриттэн хас биирдии маастар өссө тугу гыныахха, ханнык хайысханы тутуһуохха сөбүн торумнуу санаабыта саарбаҕа суох. Маастардар – сылайдыбыт-сындалыйдыбыт диэн тохтоон хаалбат, чэгиэн-чэбдик эрэ буоллаллар киэркэйиэр диэри күнүстэри сүпсүгүрэн, тупсуор диэри түүннэри түбүгүрэн, үлэ-түбүк үллэр үөһүгэр сылдьар дьон. Кинилэр уран тарбахтарынан тутан-хабан тикпит маллара-саптара, таҥастара-саптара, кэрэ киэргэллэрэ – ханнык баҕарар түмэл киэн туттар, харах харатын курдук харыстыыр оҥоһуктара, кэлэр көлүөнэҕэ анаммыт туохха да бэриллибэт, сыаната биллибэт олус күндү уонна кэрэ бэлэхтэр.
“Бэс Чагда” санаторийа аата да этэ сылдьарын курдук бэс ойуур ортотугар турар. Аата эрэ ахсынньы ыйа. Москва самыырынан ибиирэ көрсүбүтэ. Сылдьарбыт тухары сылаас нуһараҥ күннэр турдулар. Тулабыт барыта уу-чуумпу.
Санаторий эмчиттэрэ да, атын үлэһиттэрэ да эйэҕэстэрэ, кыһаллыгастара ханнык баҕарар киһи кутун тутар. Киэҥ-куоҥ дьиэ-уот, минньигэс ас-үөл… сынньанарга ааттаах тэрилтэ эбит. Дьыл ичигэс кэмнэригэр сынньанар өссө бэрт буолуо дии санаатыбыт.
Сылдьарбыт былаһын тухары олоххо, сынньалаҥҥа көхтөөх дьон буоларбыт быһыытынан санаторий эмчиттэригэр, сынньанааччыларыгар анаан, кэнсиэр уонна быыстапка тэрийдибит. “Кэрэ киэргэл кэһиилээх” быыстапкабытыгар Дьокуускай куораттан маастардар Харлампьева А.Ф., Петрова Е.И., Павлова А.Г. Пахомова Н.Г., Бүлүү улууһуттан маастардар Семенова А.Н., Гоголев Н.И., Амма улууһуттан Стручкова В.В., Кэбээйи улууһуттан Софронеева Е.К., Сунтаар улууһуттан “Ситии” түмсүү оҥоһуктара кытыннылар. Көрөөччүлэр сорох оҥоһуктары атыыластылар.
“Дэгиттэр талаан” кэнсиэрбитин Сахабыт өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ Пинигина В.Д. биһикки иккиэн бэлэмнээн, салайан ыыттыбыт. Маастардар Стручкова В.В., Пахомова Н.Г., Харлампьева А.Ф. уонна мин көрөөччүлэрбитигэр сахалыы саймаархай ырыаны бэлэхтээтибит. Валентина Дмитрьевна саха бөлөһүөгэ Ксенофонт Уткин “Төрөөбүт дойдубар” хоһоонун бэрт иэйиилээхтик аахта. Оттон мин бу сырыыга эмиэ маастардарга аналлаах “Сахам далбар хотуна” хоһооммун утары ууннум. Түмүккэ мэлдьи буоларын курдук хуорунан “Доҕордоһуу ырыатын” тоҕо тартыбыт уонна мин кылгастык үҥкүү тыла эттим.
Кэнсиэри сэргэ улахан быыстапкаҕа кыттыбыт маастардар далбар хотуттар кэтэллэригэр анаммыт үлэлэрин санаторийга сынньана кэлбит кыргыттарга уонна биһиэхэ бары өттүнэн күүс-көмө буолбут бу тэрилтэ араас тэрээһиннэрин салайан ыытар үлэһитигэр Макарова А.В.-ҕа таҥыннаран, дьон иннигэр таһааран, хаамтаран, ыкса чугастан көрдөрдүлэр.
Мин кэнсиэр аҕай иннинэ биир күн “Таайтарыылаах дьоро киэһэни” тэрийэн ыыппытым. Үксүн маастардарым уонна сынньана кэлбит далбар хотуттар бааллара. Биир да киһи туора туран хаалбакка, бары кыһаллан-мүһэллэн, ууларыгар-хаардарыгар киирэн, бииртэн биир таабырыны таайбыттара. Хаһан да оонньооботох оонньууларыгар күргүөмүнэн кыттыбыттара. Хата, бэйэм эдэр сааспын санаан (оо, ол саҕана элбэх да оонньууну-көрү тэрийэрим!), олус даҕаны астыммытым.
Күндү удьуор-уустук дьарыктаах маастардар уонна биһигини баһылаан илдьэ сылдьар салалтабыт дьоно-сэргэтэ, кэлэр кэмҥэ кэрэ диэни кэрэхсэтэ, бастыҥ диэни барҕарда, үтүө диэни үксэтэ, туйгун диэн туругурда туруҥ! Эрэй-кыһалҕа булбатын, курус санаа кууспатын, хобдох быһыы буолбатын! Ыалдьар диэн билимэҥ, кэхтэр диэн билинимэҥ, кырдьар диэҥҥэ бэринимэҥ! Барыта этэҥҥэ буолуохтун!
Валентина Дьячковская – Хара Көмүс, өрөспүүбүлүкэ уус-уран оҥоһуктарын маастара, “Ситии” түмсүү салайааччыта, суруйааччы.