Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

Новости

Ефремов Яков Яковлевич

Яков Яковлевич Ефремов 1979 сыллаахха алтынньы 21 күнүгэр Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.

Яков оҕо эрдэҕиттэн дэгиттэр талааннаах этэ, ол курдук олох кыратыттан бэйэтэ суруйбут чабырҕаҕын ааҕан улууска «Бастыҥ чабыр5ахсыт» аатын ылбыта. III кылаастан хоһоон суруйуутунан дьарыктаммыта,1990с. республикаҕа ыытыллыбыт Даниловскай ааҕыыларга бэйэтэ суруйбут хоһоонун ааҕан лауреат үрдүк акка тиксибитэ. Бастыҥ чабырҕахсыт буолан 1995 сыллаахха 9 кылааска үөрэнэ сылдьан Дьокуускайдааҕы «Маленькие ангелочки» диэн үҥкүү бөлөҕүн кытта Япония5а саха сирин культуратын сырдатар сыаллаах хомусчут, чабырҕахсыт быһыытынан гастролга баран кэлбитэ.

1996с. Бэрдьигэстээхтээҕи гимназияҕа ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьан ыарахан ыарыыга ыалдьан өр сылларга эмтэнэн этэҥҥэ атаҕар турбута. Инбэлиит буоллум диэн санаатын түһэрбэккэ, үөрэххэ баҕалаах буолан, Краснодаардааҕы эбии үөрэхтээһин училищетыгар кэтэхтэн үөрэнэн «Социальнай үлэһит» идэтин ылбыта уонна олоҕун бүтэһик күнүгэр диэри кыамматтар, кырдьаҕастар тустарыгар өрүү кыһалла сүүрэ – көтө үлэлии сылдьыбыта . Үлэтин быыһыгар оҕо сааһын баҕа санаатын олоххо киллэрээри, кырдьаҕас хос эбэтиттэн Васильева Варвара Яковлевнаттан үөрэнэн, сылгы кылынан өрүүнэн дьарыгыран барбыта. Бэйэтигэр сылгы кылынан сахалыы сон өрөн араас таһымнаах быыстапкаларга кыттан дьон сэҥээриитин ылбыта. Ол курдук, 2005с. улуустаҕы «Көмүс сүүтүк» иистэнньэҥнэр көрүү күрэхтэригэр «Национальная одежда», ити сыл бүтүн Россиятааҕы инбэлииттэр айар үлэлэрин фестивалыгар кыттан «За верность традиции», 2014с. ыччаттар республикатааҕы II фестивалыгар кыттан «Особая мода» анал ааттар кыайыылаахтара буолбута. Мэҥэ – Хаҥалас улууһугар ыытыллыбыт Олонхо ыһыаҕар «Саха таҥаһа» көрүү-күрэххэ кылтан өрүллүбүт коллекциятынан кыттан III миэстэни ылбыта.Кэлин бу дьарыгын салгыы сайыннаран көбүөрдэри, сөрүөлэри, олоххо – дьаһахха туттуллар маллары өрөн элбэх араас таһымнаах быыстапкаларга кыттан бэйэтин талаанын киэц эйгэҕэ таһаарбыта.

2007 сыллаахха нэһилиэккэ газ киириитин үөрүүлээх түгэнигэр Саха республикатын президенэ В.А. Штыров кэлэн ыалдьыттаан барбыта, онно Яков бэйэтэ кылынан өрбүт көтөн эрэр кыталыктар ойуулаах көбүөрүн бэлэхтээбитигэр Вечяслав Анатольевич бэлэҕи олус сэргээбитэ уонна «Маннык кылынан тигии оҥоһугу ханна да көрө да, бэлэх тута да иликпин» диэн Яковка илии тутуһан туран махтаммыта.

2006с. Ыччат министерствотыгар «Эдэр инбэлииттэри үлэнэн хааччыйыы» диэн проект көмүскээн грант ылан төрөөбүт нэһилиэгэр Атамайга ийэтинээн Саха республикатын уус уран оҥоһуктарга маастара Варвара Ефимовна Ефремовалыын «Түһүлгэ симэхтэрэ» диэн кылынан иистэнэр общественнай түмсүүнү тэрийбитэ уонна нэһилиэккэ үлэтэ суохтары мунньан олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри айымньылаахтык үлэлээбитэ.

656

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *