Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

Новости

Утум иистэр көмүс күн суһумун мүлчү туппатылар

“Тускул” КК иһинэн үлэлиир түмсүүлэртэн биир таһаарыылаах көрдөрүүлэрдээх, сыралаах үлэлээх түмсүү “Утум иис” буолар. Быйыл саас сүбэлэһэн баран Кыайыы 75 сылын көрсө Хатас нэһилиэгин тыыл бэтэрээннэригэр олбох тигэн бэлэхтээн үөрдүбүттэрэ.

Бу олох соторутааҕыта ыраах Бразилияҕа олохтоохторун кытта куйаар нөҥүө быһа сибээһинэн “Дьиэҕэ олорон айанныыбыт” бырайыакка саха омук дьахтара хайдах курдук талааннааҕын эмиэ кинилэр үлэлэринэн көрдөрбүппүт. Онно сүрүн геройдарынан Анна Пестерева уонна Мария Дегтярёва үлэлэрэ буолбута. Ордук кыбытыы тигиини, ат толору киэргэлин сэргээбиттэрэ.

Бу күннэргэ көмүс күһүн күннэрин көмүс чаҕылыгар чахчы да көмүс тарбахтаах, дьулуурдаах үлэһит Мария Дегтярёва тикпит соннорун (бэргэһэлээх, үтүлүктээх) кэтэн Совхознай уулусса остуол курдук ньуурунан саха буолалларынан киэн тутта, дэлэччи-холоччу,холкутук, дьоһуннук хаамтылар. Онтон нэһилиэк дьоно биир таптыыр сиригэр “Күөх сирэмҥэ” киирэн өҥ-дьүһүн дьикти суһумугар сууламмыт мастарга хаартыскаҕа түһэн Мария үлэлэрин үйэтиттилэр. Анна Пестерева былырыын Санкт Петербург куоракка улахан сэҥээриини ылбыт үлэтин(сонун,бэргэһэтин,үтүлүгүн) быйыл өссө ситэрэн биэрбитэ көстүүтэ өссө кэрэтийбит.

Дьэ онон сэргээҥ, кэрэхсээҥ Мария Дегтярёва уонна Анна Пестерева үлэлэрин. Аннаттан ураты бары Мария тикпит таҥаһын кэтэн тураллар. Дьэ биир саас, сайын иһигэр дьоһун үлэ дии!!! Харах халтарыйар мааныта, сүрэх өрүкүйэр кэрэтэ.

Руфова Н.И.

415

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *