Киэҥник бэлиэтэнэр маастардар күннэригэр Хатас дьоно дьоһуннук кытынна
Сааскы сандал сандаархай кэми кытта санаабыт-онообут эмиэ тэҥҥэ сырдыыр, сымныыр, сылыйар.
Ону кытта айар – тутар суол аартыктара тыргылла арылланнар кэлии-барыы, сэргэхсийии, сүргэ көтөҕүллүүтэ буола түһэр. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Б.Ф. Неустроев – Мандар Уус норуот сатабыла диэн өйдөбүлү быһаарарыгар кыылтан – сүөлтэн атыммыт, уратыбыт, иэдьэгэй мэйиибит эргитиитэ уонна уон бабыа тарбахтарбыт имигэс хамсаныылара эбит диэн суруйар.
Тарбаҕыҥ имигэс сатабыллаах буоллаҕына, өйүҥ – санааҥ да тобуллаҕас буолуохтаах. Дьэ бу өйдөбүлү таба туппут иэдьэгэй мэйиилэригэр иҥэрбит үтүөкэн дьоннордоох буоламмыт кэми кэрдиини билиммэт саха омук сатабыла доргуччу ааттанар суолун тобуланнар 30 сыл анараа өттүгэр “Симэх” норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинэ (Гоголев А.Н, Игнатьева Я.В) арыллыбыта.
Бу дьоҕус тэрилтэ устан ааһар сыллар тухары ылсыбыттарынын ыһыктыбакка, туппуттарын мүлчү туппакка сайдар – үүнэр аартыктары арыйан киэҥ эйгэҕэ тахсан саха норуотун албан аатын үрдүк туоналарга доргуччу ааттатан кэллилэр. Дойду олоҕор тахсыбыт уларыйыылартан уолуйбакка сахалыы дьоһуннук дьаһанан, ырааҕы, кэскиллээҕи ыраҥалаан, улуус улуус аайыттан улуулары, алаас алаас аайыттан албаннары, хотунан-соҕуруунан хорутулаахтык үлэлээн, илининэн-арҕаанан тилийэ сүүрэн төрүт үгэспит төлкөлөөх үгэстэрин күөрэччи тутан үйэтитии боппуруостарыгар дириҥник ылсан киҥкиниир киэҥ халлааннаах, куҥкунуур улуу куйаардаах килбиэннээх, көмүс тарбахтаах,имигэс илиилээх сахалар дуо дэттилэр, улаҕата уҥуоргута биллибэт уораҕайдаах Арассыыйаны ааһан аан дойду туонатыгар ааттаттылар.
Сыралаах үлэлэрэ сырдык, сылаас сыдьаайа сылын аайы бииртэн биир сэргэх сэбэрэлээҕи, сатабыллааҕы, талааннааҕы-дьоҕурдааҕы үрдүккэ үктэннэрдэ, таһымы таһаарда. Түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах буоллахха кыайыы – хотуу кынатыгар олорсон ситиһиибит ситимнээх буоларын чахчы итэҕэттилэр.Түгэнинэн туһанан дьиҥ чахчы туһулаан бииргэ алтыһар Гоголев Александр Николаевичка, Яна Викторовна Игнатьеваҕа, Осипов Дмитрий Константиновичка махталбытын тиэрдэбит.
Бу күннэргэ А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыҥырыа уйатын курдук куп куугунас, үллэ-балла устар өрүс долгунун курдук санаа салгына, оҥорбуттан дуоһуйуу, сатаабыттан астыныы туруга баар. Хас этээс аайы анаммыт миэстэлэргэ, хас биирдии муннугар тиийэ бииртэн биир чулууттан чулуу, үтүөттэн үтүө оҥоһуктар кырыы-кырыыларынан анньыһан турдулар. Кырдьыга даҕаны саха сатаабатаҕа суох диэн кынаттаах тыллар манна бааллар. Быыстапканы көрөөччүлэр, быыстапка кыттыылаахтара бары биир долгуҥҥа киирэн саха норуота биир ньыгыл кэккэнэн иһэр диэн киэн туттуу, түөс толору тыынан көҥүл хаҥыл санаатын иҥэринии баар.
Хатастааҕы “Тускул” КК (салайааччы Чепалов В.А) иһинэн үлэлиир “Норуот уус-уран оҥоһуктарын дьиэтин”(салайааччы Жиркова Т.Г.) арыйаннар бу аҕыйах сыл иһигэр барҕа суолун арыйдылар, талааннаахтары-дьоҕурдаахтары дьоһун ааттаттылар. Биһиги Хатастар бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн санаабыт да тиийбэтэх ситиһии саҕахтара аһылыбытыгар, сүргэбит көтөҕүлүннэ, дууһабыт ыллаата, инникигэ эрэллээх суолбут тобулунна.
Быйылгы быыстапкаҕа Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын норуот айымньытын кииниттэн (салайааччы Пестряков П.П.)– Хатаска, Тулагыга, Арчы дьиэтигэр баар талаан тарбахтаахтар түмсүүлэр ааттарыттан кытынныбыт. Хатастааҕы “Норуот уус-уран оҥоһуктарын дьиэтин” аатыттан Малышев Андрей Лукич, Апросимов Алексей Алексеевич, Пестерева Анна Петровна, Ефимова Анна Ильинична, Дегтярева Мария Сергеевна үлэлэрэ турдулар. Бары да бииртэн биир киһи болҕомтотун, кэрэхсээһинин-сэргээһинин ылар, уйан сүрэх кылын таарыйар ураты буочардаах, дириҥ ис хоһоонноох үлэлэр буолан биэрдилэр.
Инньэ гынан Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын норуот айымньытын киинин быыстапкатын быһа ааһар көрөөччү суох.Ол үгүс элбэх үлэттэн биири иккини ырытан кэпсээн ааһар буоллахха СӨ норуот уус уран оҥоһуктарын маастара Дегтярева Мария Сергеевна сүрэҕин – дууһатын нөҥүө аһарбыт муора муҥура суох дириҥ далай күүһүн иҥэриммит дьикти ис туруктаах паннота көрбүтү эрэ барытын сөхтөрдө. Панно араас техниканан оҥоһуллубут – кыбытыктаах тигии, түүнү, тириини кырыйыы, килиэйдээһин уо.д.а. матырыйаала эмиэ биир оннук – таҥас, тирии, сарыы. Өҥү-дьүһүнү табан дьүөрэлээбит буолан муора кыыллара субу сибилигин эн таскар таалалыы сыталлар курдук санаа киирэр.
Аны хас биирдиилэрэ тус туһунан уобарастаахтарын элбэх киһи бэлиэтээн эттэ – олохтон сылайбыт, ийэ сылаас тыыныгар сыламныыр оҕо, хобу – сиби тарҕатыан баҕалаах үөннээҕи-күрдьэҕэлээҕи көрбүт уо.д.а. Барыта олоххо баар көстүү буолан барыларын киһиэхэ холоон көрөҕүн диэбит көрөөччүнү кытта сүүс бырыһыан сөбүлэнэн күлсэн ыллыбыт. Өссө биир үгүс киһи болҕомтотун ылбыт, сөҕүү-махтайыы, киэн туттуу санаатын киллэрбит үлэ Апросимов Алексей айан-тутан, оҥорон таһаарбыт “Тойон кыыл” диэн ааттаан тимиртэн оҥоһуллубут субу көтөн күпсүйэн кэлэн түһэн эрэр улуу көтөрбүт хотой буолла. Маны көрбүт эрэ барыта күүс-уох, кыах, бэйэҕэ эрэл диэн тугун илэ чахчы сүрэҕин-дууһатын нөҥүө аһарар.
“Тойон кыыл” кытаанаҕы, быһаарынылаах буолууну кытта үрдүккэ тардыһыыны, сырдыгы-сылааһы, нарыны – намчыны алтыһыннаран кэрэ, үтүө олоххо баарын итэҕэтэр үлэ! Манна улуу айылҕабыт мындырын, муударайын сөҕөҕүн – санаан көрдөххө хас биирдии куорсунугар, ньуолах түүтүгэр тиийэ анаммыт,туһуламмыт, тоҕо диэҥҥэ эппиэттиирэ туһугар бэйэтэ биир дьикти буоллаҕа. Ханнык баҕарар үлэҕэ – (уруһуй буоллун, тигии буоллун, кыһан оҥоруу, сыбаан оҥоруу уо.д.а.) хамсаныыны оҥоруу сүрдээх уустук, эриирдээх-мускуурдаах боппуруос буоларын бары да өйдүүбүт. Көтөн иһэр хотой хайа былчыҥнара үлэлээн, күүрэн онно атахтара, кынаттара хайдах балаһыанньаны ылаллара дьэ уустук… Онон Алексей манна тимири кытта үлэни таһынан бу кыыл олоҕун дириҥник хорутан үөрэппитэ өтө көстөр.
05.03.2023 саха санаалаах сарсыардаттан саргылаах санаанан салайтаран күүтэр – кэтэһэр тэрээһинигэр – алтыс төгүлүн ыытыллар сэлэлии хаамыыга кыттыһан сэбэрэлиин сэргэхсийэн сахабыт сирин уһулуччулаах дьоннорун кытта сэргэстэһэ хаамаммыт дьэгдьийдибит, дьэрэкээн өҥүнэн дьэргэстэй ыһыаҕын ыстыбыт, күндү түүлээххэ сууланныбыт, бииргэ буолан бигэ санааланныбыт, түмсэ түһэн түөрэхпитин чиҥэттибит, сомоҕолоһо түһэн соргу-дугуй суолун туттубут. Хатастар Мария Сергеевна Дегтярева тикпит оноолоох соннорун, бэргэһэлэрин, үтүлүгүн, өттүк киэргэллэрин кэтэн толору симэнэн сахабыт сирин араас улуустарыттан кэлбит талба талааннаахтары кытта бииргэ буоллубут. Вилена Константинова СӨ норуотун маастара Саввина Людмила Степановна тикпит төрүт үгэһи барытын тутуһан тигиллибит эмиэ толору кэмпилиэктээх бууктаах сону кэттэ.
Дьэ уонна түмүкпэр быйылгы үбүлүөйдээх сыл быыстапкатыгар ситиһиилэрбитин сырдатан ааһарбын көҥүллээҥ. Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын норуот айымньытын киинин кэлэктииптэриттэн кыттыбыт дьонтон – биир СӨ норуотун маастара – Малышев Андрей Лукич Хатастан, икки СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастардара баар буоллулар – иккиэн Хатастар – Пестерева Анна Петровна, Апросимов Алексей Алексеевич. Аны бу күннэргэ ыытыллыбыт куонкуруска тимиринэн оҥоһукка кыайыылааҕынан Апросимов Алексей Алексеевич аата ааттаммытын баар дьон бары ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Аны “Халадаай, хаһыаччык” диэн күрэххэ Токоемова Сардаана Ивановна үлэтэ эмиэ бэлиэтэннэ, бу күрэх уратыта субу саҕалаан баран биир олоруунан иккиэннэрин тигии буолар. Манна түргэн – тарҕан хамсаныыны ааһан хаачыстыбата тэҥ үрдүк таһымнаах буолаллара ирдэнэр. Ол аата билиини-көрүүнү ааһан сатабыл бастыҥа, тулуур-дьулуур, үөрүйэх, талаан, дьоҕур баара оруолу оонньоотоҕо.
Онон олох кэһиллибэт тиһигин тутан быстыбат ситиммит көстүбэт күүһүнэн ситиилэнэн бүгүҥҥү күн хардыытын төрүт дьоммут өркөн өйдөрүнэн ситэрэн-хоторон биэрэн саха буолан сандаардыбыт, киһи буолан килбэйдибит.Сыллааҕы түбүктээх үлэ түмүктэннэ, аныгыс сыллааҕы түбүктээх үлэ саҕаланна! Эһиилги быыстапка торумнара оҥоһулуннулар, былаанннааһын – барыллааһын баар.
Н. Руфова. Хатас. 2023