Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

Новости

Кымыс иһиитин сиэрэ-туома

Муус устар 7 күнүгэр “Арчы” дьиэтигэр Дьокуускай куорат культураҕа уонна духуобунай сайдыыга Управлениетын тэрийиитинэн “Кымыс иһиитин сиэрэ-туома” семинар ыытылынна.

Семинарга “Симэх” норуот искусствотын уонна уус-уран оҥоһуктарын Национальнай Киинин уус-уран оҥоһуктарын отделын салайааччыта Дмитрий Осипов “Кымыс иһиттэрин араастара” темаҕа иһитиннэрии оҥордо.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин чороон оҥорооччулара Дьоккускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын үлэһитэ Василий Лопатин, үөрэнээччитэ Дмитрий Протоповтыын, Дьоккуускай куорат Мархатын олохтооҕо Василий Данилов, Ем.Ярославскай аатынан саха музейын реставратора Василий Протопопов, Үөһээ Бүлүүттэн Хаттаанай, Дьоккуускайтан “Чороону сөргүтэр уонна чинчийэр” общественнай коммерческайа суох тэрилтэ салайааччы Попова С.Т. хараҕы сымнатар, куту-сүрү көтөҕөр үрүҥ илгэ чорооннорун, кымыс иһиитигэр туттуллар малы-салы быыстапкаҕа дьон көрүүтүгэр туруордулар.

Чороон оҥорооччуларга быыстапкаҕа кыттыбыккытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Инникитин да ситиһии көтөллөнөн, өбүгэбит үгэстэрин сайыннарыыга айымньылаах үлэни баҕарабыт!

622

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *