Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

Новости

Кэрэ кэккэлээтэ, үтүө үмүөрүстэ

Кырыа кыһын кыһарҕана ааһан барыта сырдыыр, сылыйар, сымныыр диэки хайыһан били этэргэ дылы тоҕотун билбэккэ сэргэхсийии, төрүөтүн өйдөөбөккө үөрүү буолар сааскы сандал күннэр саҕаланнылар.

Айар-тутар эйгэлээхтэр бу күннэргэ үгүс-элбэх тэрээһиннэргэ түмсэн-сомоҕолоһон, сүүрэн-көтөн тэринэн, тэриллэн быыстапкалар, кэнсиэрдэр, айар киэһэлэр буолуталыыллар.

Ол курдук “Симэх норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинин” Аржаков уулусса 6 дьиэтигэр турар быыстапкалыыр саалатыгар олунньу ый 22 күнүгэр “Иэйии тыынынан тимири ириэрэн, маһы ыллатан” диэн ааттаах Хатастааҕы “Тускул” КК иһинэн үлэлиир “Норуот уус-уран оҥоһуктарын дьиэтин” маастардара эргиччи дэгиттэр талааннаах СӨ култууратын туйгуна, СӨ уус уран оҥоһуктарын маастара, Хатас нэһилиэгин норуодунай маастар Малышев Андрей Лукич уонна Хатас нэһилиэгин норуодунай маастара Апросимов Алексей Алексеевич тус быыстапкалара аһылынна.

Быыстапка аата да этэрин курдук оҥоһуктар сүрүннээн тимиртэн уонна мастан оҥоһуллубуттар. Өссө биир өттүттэн сыаналыыр буоллахха бу тэрээһин эдэртэн эрчимин, аҕам саастаахтан сүбэтин ылан эмиэ да хорсуннук – хоодуоттук, сэниэлээхтик, эмиэ да дьоһуннук, олохтоохтук, оргууй – наллаан диэбит курдук үйэлэри туораабыт үгэскэ киирбит араас ньымалары, албастары билиҥҥи сайдыылаах олох сонун көрүүлээх технологиятын кытта сатабыллаахтык алтыһыннаран көрүөхтэн – кэрэ оҥоһуктар тахсыбыттарын туоһута буолла.

Быыстапкаһыттарбыт оруобуна отут сыл буолан быысаһан алтынньы ыйга күн сирин көрбүттэр. Быыстапка талаан тарбахтаах, имигэс илиилээх буолууну, туруу үлэһит дьону сэргээһини таһынан дьиэ-кэргэттэргэ аҕа оруолун, норуокка эр киһи оруолун өрө тутуу, кинилэринэн киэн туттуу баар буолуутун туһугар туһуланна.

Андрей Лукич Малышев дьэ кырдьыга да эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр эдэркээн сааһыттан ырыаны-тойугу, үҥкүүнү-битиини таһынан маска үлэлээн оччолортон ааттыын краснодеревщик диэн ааттаннаҕа. Ол туһунан кини биир дойдулааҕа, түмсүү салайааччыта Надежда Петровна Федорова ахтан-санаан, махтанан ааста. Андрей Лукич быйылгы тус быыстапкатыгар сүрүн улахан үлэлэринэн үгэскэ киирбит ньыманан – илиинэн хаһан, ойуулаан-бичиктээн оҥорбут икки улахан чороонун презентациялаата. Кини үлэтин-хамнаһын киһи сэргиирин биир уратыта айылҕаттан бэриллибит үөрэтэр, сүбэлиир-амалыыр, көрдөрөр, уһуйар дьоҕурдаах, бэйэтин олоххо дьулуурунан, тулуурунан атын дьон сүрэҕин өрүкүтэн, дууһатын ыллатан батыһар дьоннордоох.

Маастар кылаастары Хатаска, Дьокуускайга, Горнай улууһун хас да нэһилиэгэр ыыталаан дьон махталын ылыан ылар. Өбүгэ дьоммут уос номоҕор киирбит уустарын мээнэҕэ маһы ыллатар уус диэн хоһуйбатах, эппэтэх буоллахтара. Андрей Лукич тарбаҕа таарыйбыт, илиитин сылааһын биэрбит оҥоһуктара ис иһиттэн хайдах эрэ киһи ытыһыгар сыста түһэр, сылааһынан илгийэр дьикти уйан ураты тыыннаахтар. Кырдьыктыы даҕаны онно туран кулгааххар сиккиэр тыал ичигэһинэн имэрийэр ил тыына, ыраахтан бастаан симиктик онтон улам күүһүрэн кэлэр оһуокай ырыата, тойук доллоһутар дорҕооно иһиллэр – ыллыыр мас диэн ону этэн эрдэхтэрэ.

Алексей Апросимов төһө да эдэр буоллар айар-тутар эйгэҕэ сабыс – саҥа киирэн эрэ аат буолбатах. Ол курдук кини норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын эйгэтигэр устудьуоннуур сылларыттан бэрт эрэллээхтик уонна кимиилээхтик киирбит – мамонт, тайах чубуку муостарынан, араас көрүҥ маһынан (бэс, хатыҥ,бук) удьурхайынан оҥоһуктара үөрэммит кыһатын – П.П.Романов аатынан художественнай училище түмэлигэр күн бүгүнүгэр диэри бааллар. Кини үлэлэрин уратытын Руфина Сметанина бэрт үчүгэйдик уот харахха этэн сыаналаата – “Алексей муостан оҥоһуктарын ордук сэргээтим уонна маннык диэн бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын.

Кини үлэлэрин көрөн баран киһи “уу, наһаа да үчүгэй. Бу киһи (оҥоһук геройа) салгыы өссө тугу гыммыта буолла” диэн санааҕа кэлэр. Ол бука кини ол киһитин характерын, чуо бу оҥорбут тематын арыйбытыттан буолуо диэн сабаҕалыыбын”. Дьэ үчүгэй сыанабыл дии саныыбын маны, ол аата Алексей оҥоһуктара киһин толкуйдаталлар, салгыы өссө туох баарый диэн инникигэ эрэли, боппуруоһу, интэриэһи үөскэтэллэр, киһини угуйаллар-ыҥыраллар. Ханнык баҕарар быыстапка харахха быраҕыллар сүрүн, киһи болҕомтотун тардар үлэлээх буолар. Бу быыстапкаҕа сылдьыбыт, көрбүт, устубут, хаартыскаҕа түһэрбит дьон сөҕө-махтайа бэлиэтээбит үлэлэрэ биллэн туран өксөкү кыыл, тойон көтөр буолла.

Манна кини тимири уулларыы-уһаарыы, иһэрдии ньымаларын туттубут. Олох улуу көтөрбүт субу көтөн күпсүтэн кэлэн үрдүбүтүгэр турарга дылы. Мин санаабар бу үлэ Алексей субу бу күннээҕи туругун толору биэрбит – кыахтаах, өссө оҥоруох-тутуох баҕа санаалаах, инникигэ эрэллээх, сатыырдаах уонна айылҕаҕа чугас дууһатын арыйбыт.

Алексей күн бүгүн оҥоро-тута, айа сылдьар эйгэтэ хас биирдии саха киһитэ күннээҕигэ туттар тэриллэриттэн саҕалаан бу курдук монументальнай, дьоһун, киэҥ, дириҥ өйдөбүллээҕэ көрбүт эрэ киһини барытын үөрдэр. Тимиринэн үлэлиир сыаллаах кэлэр кэмҥэ эрэллээх 2016 сылга арыйбыт бэйэтин уһанар кыһата манна эмиэ улахан оруоллаах.

Түмүккэ өссө биири бэлиэтээн суруйуохпун баҕарабын. Андрей Лукич даҕаны, Алексей даҕаны маннык түбүктээх, үрдүк көрдөрүүлээх, таһымнаах үлэлэрин бастатан туран дьиэ-кэргэннэрин өйөбөлүнэн – өйдөбүлүнэн айан-тутан таһаараллар.

Андрей Лукич кэргэнэ Маргарита Кимовна, Алексей кэргэнэ Мотрена эмиэ айар-тутар эйгэни истэн эрэ билэр дьон буолбатахтар – иистэнэллэр, уруһуйдууллар, оҕуруо анньаллар уо.д.а. Манна даҕатан эттэххэ уустарбыт иккиэн удьуор утумун утаҕын ыһыктыбаттыы туппут дьоннор – аймах – билэ дьонноругар ааттаах – суоллаах уус, иистэнньэҥ уо.д.а. бааллар.

Дьэ ити курдук Я.В. Игнатьева дириэктэрдээх “Симэх норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинин” уонна В.А.Чепалов салайааччылаах Хатастааҕы “Тускул” КК иһинэн үлэлиир Т.Г.Жиркова салайааччылаах Хатастааҕы “Норуот уус-уран оҥоһуктарын дьиэтин”бииргэ үлэлээһиннэрин чэрчитинэн өссө биир үтүөкэн тэрээһин буолла. Бу иннигэр А.П.Пестерева быыстапката эмиэ үрдүк таһымҥа ааспыта. Бу кэннэ муус устар ыйга буолуохтаах быыстапкаҕа Мария Сергеевна Дегтярева бэлэмнэнэ сылдьар.

Н.Руфова. Хатас. Олунньу 2023

360

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *