Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

ВыставкиНовости

«Кыл дууһам иэйиитэ»

Бүгүн алтынньы 10 күнүгэр Өктөм нэһилиэгин олохтооҕо, Хаҥалас улууһун норуотун
маастара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара , үлэ бэтэрээнэ, кылынан өрөөччү
Баишева Светлана Михайловна «Кыл дууһам иэйиитэ» диэн персональнай быыстапката
Покровскай куоракка «Арчы дьиэтигэр» аһыллынна.

Светлана Михайловна өр сылларга кылынан оҥоһуктары оҥорор. Россия уонна аан
дойдутааҕы таһымнаах конкурстарга, быыстапкаларга элбэхтик кытынна. Ол курдук
Москва, Иваново, Суздаль, Владивосток, Кореяҕа Сеул, Монголия Улан-Батор
куораттарыгар ыытыллыбыт быыстапкаларга ситиһиилээхтик кыттыбыта.
Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытыгар «Симэх» норуот ускуусстубатын уонна уус-уран
оҥоһуктарын Национальнай Киин уус-уран оҥоһуктары сайыннарар «Ресурснай киин»
салайааччыта Дмитрий Осипов, Хаҥалас улууһун култуура уонна духуобунас сайдыытын
салалтатын салайааччыта Фекла Варламова, «Арчы дьиэтэ» норуот айымньытын киинин
дириэктэрин солбуйааччыта, Саха Өрөспүүбүлэкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ
Матрена Гаврильева уонна да атыттар эҕэрдэ тылларын эттилэр.

Айылҕаттан айдарыылаах, уран-уус сатабыллаах маастар Баишева Светлана Михайловна
«Кыл дууһам иэйиитэ» быыстапката дьиҥ-чахчы саха киһитин өйүн күүһэ баайын, санаата
сатабыллааҕын, кэрэ кэскиллээҕин кэрэһилээтэ.

264

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *