Маастардарбыт аар-саарга аатыра турдуннар
Cаха омуга үйэ тухары тыйыс-тымныы дойдуга олорон, айылҕатын кытта алтыһан, кини араас мускуурдарын тулуйан, айылҕаҕа сөп түбэһиннэрэн олоҕун-дьаһаҕын оҥостор.
Саха киһитэ мындыр өйдөөх, күүстээх санаалаах, инникигэ эрэллээх буолан, айылҕатын сокуонун тутуһан, сиэри-туому толорон, үлэни кыайа тутан олорон кэлбитэ историяҕа суруллубута. Кини туруорбут балаҕана, үс атахтаах төгүрүк остуола, мас-талах олоппоһо, кытыйата, чорооно, туос иһиттэрэ бөҕө-таҕа оҥоһуулаах буолаллар. Аныгы кэмҥэ норуот маастардара мындыр өбүгэлэрин утумнаан, төрүт дьарык кистэлэҥнэрин арыйан саха ыала олоҕор туттар малларын, тэриллэрин, иһиттэрин-хомуостарын оҥорор үөрүйэхтэрин дьон-сэргэ ортотугар тарҕатар ытык иэстэрэ буолар.
Ити курдук, кулун тутар ый 5 күнүгэр СӨ Норуот маастарын күнүн сахалыы таҥастаах сэлэлии хаамыынан бэлиэтээтибит. Норуот маастарын күнүн чэрчитинэн араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллара үтүө үгэскэ кубулуйда. Быйыл норуот маастардарын үбүлүөйдээх быыстапката X төгүлүн ыытыллар.
Санатар буоллахха, СӨ Ил Дархана Егор Борисов 2012 сыл олунньу 21 күнүнээҕи 1227 №-дээх ыйааҕынан кулун тутар 5 күнүн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Норуот маастарын күнүнэн биллэрбитэ. Ону таһынан, бу күн биллиилээх, талааннаах норуот маастардарыттан биирдэстэригэр «Удьуор Уус» наҕараада («Потомственный мастер») судаарыстыбаннай бэлиэ туттарыллыаҕа уонна биир кэмнээх 50 тыһ. суумалаах харчынан наҕараадаланыаҕа. 2018 сылга «Удьуор Уус» наҕарааданы тимири уһаарааччы, норуот маастара, СӨ култууратын туйгуна, Уус Алдан улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Герман Гаврильевич Бурцев ылбыта. Оттон былырыын «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара» үрдүк ааты Мииринэйтэн Ульяна Миронова, Амматтан Дмитрий Артемьев, Дьокуускайтан Иннокентий Колесов, Сунтаартан Варвара Федорова уонна Христина Моякунова ылбыттара.
Тэрийээччилэринэн СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ, «Симэх» норуот искусствотын киинэ, «Уус» СӨ маастардарын айар Сойууһа буолаллар. Быйылгы бырааһынньык өрөспүүбүлүкэ норуотун маастардарын, норуот айар талааннаахтарын, уус-уран оҥоһугунан дьарыктанар холбоһуктары, уопсастыбаннай түмсүүлэри, тэрилтэлэри, анал үөрэх кыһаларын уонна устудьуоннары түмтэ.
«Симэх» норуот искусствотын киинэ биэрбит дааннайынан, Саха сиригэр 2020 сыл тохсунньу ый 1 күнүнээҕи туругунан 235 өрөспүүбүлүкэ норуотун маастара, норуот уус-уран оҥоһуктарын 453 маастара баара биллэр. Киин сүрүн үлэһиттэрэ сабаҕалааһыннарынан норуот маастарын ахсаана хаҥыыра күүтүллэр.
Быйылгы «Саха сирэ — Уус дойдута» быыстапка-дьаарбаҥкаҕа уопсайа 22 улуус, ону таһынан 5 үөрэх кыһата сайаапка биэрбит, ону таһынан араас уус-уран оҥоһугунан дьарыктанар холбоһуктар, уопсастыбаннай түмсүүлэр, тэрилтэлэр кыттыыны ыллылар.
Күнүс 13.00 чаастан Норуот маастарын күнүн чэрчитинэн сахалыы таҥастаах бырааһынньыктааҕы сэлэлии хаамыы быйыл үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Быйылгы хаамыы Улуу Кыайыы 75 сылыгар, Арассыыйаҕа Өйдөбүнньүк уонна Албан аат, Саха сиригэр Дойдуга бэриниилээх буолуу уонна Дьокуускайга Көлүөнэлэр сылларыгар ананан ыытылынна. Сэлэлии хаамыы Дьокуускайдааҕы Кыайыы болуоссатыгар баар Улуу Кыайыы пааматынньыгар венок ууруутуттан саҕаланна. “Бу миэстэ мээнэҕэ талыллыбата, — диэн киин үлэһиттэрэ иһитиннэрдилэр, — мантан Аҕа дойдуну көмүскүү 10 000 тахса саха буойуна сэриигэ аттаммыта биллэр”.
Көрүөхтэн эриэккэс сахалыы таҥастаах маастардар хаамыылара Орджоникидзе болуоссатыгар оһуохайынан түмүктэннэ. Салгыы Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Саха сирэ — Уус дойдута» онус төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥка арылынна уонна Норуот маастарын күнүн уруйдуур «Уруйдан Уус күнэ» бырааһынньыктааҕы кэнсиэр ыытылынна.
Бырагыраама чэрчитинэн, бүгүн, кулун тутар 6 күнүгэр, сарсыарда 11 чаастан Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин саалатыгар Саха сирин маастардарын туһунан СӨ норуотун худуоһунньуга, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ Александр Николаевич Гоголев — Сатал Уус кинигэтин сүрэхтэниитэ ыытыллыаҕа.
Быйылгы сылга тэрээһиннэр уратыларынан туой оҥоһуктарга маастардар «Саха туойа» түмсүүлэрин сүрэхтэниитэ, Уус Алдан улууһуттан «Остуоруйа олохпут оҥкула» уопсастыбаннай маастардар түмсүүлэрин күрэҕэ, сахалыы остуоруйаларга олоҕурбут маастардар үлэлэрин жанрдарынан үтүгүннэрэн көрдөрүү буолара күүтүллэр.
Салгыы, кулун тутар 7 күнүгэр күнүс 14 чаастан «Саха сирэ — Уус дойдута» X төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥка түмүктэрин таһаарыы уонна үөрүүлээхтик сабыы тэрээһиннэрэ ыытыллыахтара.
Саха сирин уустара, маастардара инникитин даҕаны маннык тэрээһиннэргэ дьону-сэргэни сэргэхситэ турдуннар.Талааннаах, уран тарбахтаах, мындыр өйдөөх ытык-мааны дьоннорбут саха омугун үйэлээх сүдү кистэлэҥнэрин, билиилэрин, киэҥ көрүүлэрин, дьоҕурдарын туһанан, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө холобур буолан үөрэтэ-такайа, сүбэлии-амалыы сырыттыннар диэн баҕарыаҕыҥ.
Маастар санаатын үллэстэр
Бэлиэ бырааһынньыкпытынан барыгытын эҕэрдэлиибин!
Герман Бурцев, «Удьуор Уус» наҕараада хаһаайына, тимири уһаарааччы, норуот маастара, СӨ култууратын туйгуна, Уус Алдан улууһун Бочуоттаах олохтооҕо:
— Быйыл күһүн 75 сааспын туолабын. Кыралаан уһанабын. «Монгол норуотун хомуһун тилиннэриэххэ» диэн акцияҕа кыттан түөрт хомуһу оҥорон биэрбитим. Альберт Находкин бырайыагынан сыл ахсын ыытыллар «Хомус кырдала» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ спонсор быһыытынан хомус оҥорон бэлэхтиибин, ону таһынан араас тэрээһиннэргэ, көрүү-быыстапкаларга быһах, хомус оҥорон көхтөөхтүк кыттабын. «Удьуор Уус» наҕараада тутуохпуттан уолум Ганя Бурцев уонна үөрэнээччим Александр Шепелев тимири уһаныыга «Саха сирин маастара» ааты ылары ситистилэр. Ити мин кэккэм хаҥыы турарын көрдөрөр үөрүүлээх түгэн буолар. «Ил Түмэн» хаһыат нөҥүө өрөспүүбүлүкэ уран, ураты дьарыктаах, талба талааннаах уустарын биир улахан бэлиэ бырааһынньыкпытынан, СӨ Норуот маастарын күнүнэн барыгытын эҕэрдэлиибин! Саха дьоно сүдү талааннарынан үрдүктэн үрдүк кэрдиискэ тахсан иһэллэрэ, аар-саарга аатыраллара хайҕаллаах уонна үөрүүлээх суол. Бу ситиһиилэр бары СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) уонна Бырабыыталыстыба өйөөһүнүнэн баар буоллулар. Манна даҕатан эттэххэ, уруккута СӨ Ил Дархана Егор Афанасьевич көҕүлээһиннэрэ, кини таһаарбыт ыйаахтара улахан көҕүлүүр күүс буолбуттара. СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутааттара эбии тугу сайыннарыахха сөбүн, туох саҥа өйөбүл наадатын туһунан маастардары кытта дьүүллэһэ, ыйыталаһа сылдьаллара биһиги үлэбитигэр тирэх буолуоҕа.
Василий ПРОКОПЬЕВ