«Манчаары оонньуулара – уран тарбах дьүһүйүүтүгэр» Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү–күрэх быыстапката
От ыйын 8–11 күннэригэр Горнай улууһун Бэрдьигэстээх бөһүөлэгин «Олонхо» дьиэтигэр «Дьаныардаах дьарыкпыт бар дьоммутугар» диэн саха сирин уус–уран тарбахтаах маастардарын түмэр көрүү–күрэх быыстапката буолан ааста.
Быыстапкаҕа үтүө эйгэни төрүттүүр уонна үйэтитэр, айар–тутар, дьүһүнүнэн дьүһүйэр, оһуорунан ойуулуур, иистэнэр талааннаах–дьоҕурдаах мандар уустар түмсэн түһүлгэҕэ ирэ–хоро кэпсэтэн, билсиһэн тарҕастылар.
«Дьаныардаах дьарыкпыт бар дьоммутугар» диэн күөн–күрэх быыстапкатын арыйдылар: «Горнай улууһа” муниципальнай тэриллии баһылыгын бастакы солбуйааччыта Сардана Степановна Стручкова, «Симэх» норуот искусствотын уонна уус–уран оҥоһуктарын Национальнай Киинин норуот уус–уран оҥоһуктарын сайыннарар отдел салайааччыта Дмитрий Константинович Осипов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Валентина Егоровна Захарова.
Быыстапка аһыллыытыгар Горнай улууһун уран тарбахтаах мас оноһуктарга талааннаах маастарыгар Дьячковскай Валерий Моисеевичка “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот уус–уран оноһуктарын маастара” диэн бочуоттаах аат туттарылынна. Быыстапкаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара [Сидоров Афанасий Иннокентьевич] өрүс араас тааһыттан дьэрэкээн ойуулаах хартыыналара кэлбит ыалдьыттары үөрэ көрүстэ.
«Дьаныардаах дьарыкпыт бар дьоммутугар» күөн–күрэс быыстапкаҕа араас улуустартан 37 норуот талааннаахтарын, 7 “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот уус–уран оноһуктарын маастара” бэлиэлээх дьон үлэлэрэ көрдөрүүгэ турдулар. Күрэххэ Кэбээйи, Сунтаар, Ньурба, Мииринэй, Бүлүү, Үөһээ-Бүлүү, Чурапчы, Эдьигээн, Горнай уонна Дьокуускай куорат олохтоохторо кыттыыны ыллылар.
Быыстапканы дьүүллээтилэр: «Симэх» норуот искусствотын уонна уус-уран оҥоһуктарын Национальнай Киинин норуот уус–уран оҥоһуктарын сайыннарар отдел салайааччыта Дмитрий Константинович Осипов, «Симэх» норуот искусствотын уонна уус–уран оҥоһуктарын Национальнай Киинин методиһа, П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училище (колледж) уһуйааччыта Надежда Егоровна Корнилова, «Симэх» норуот искусствотын уонна уус–уран оноһуктарын Национальнай Киинин сүрүннүүр методиһа Анна Константиновна Капустина, Горнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала Василий Игнатьевич Николаев, Горнай улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын начальнигын солбуйааччыта Софья Никитична Алексеева.
Дьүүллүүр сүбэ 8 араас көрүҥнэринэн көрөн, алта Анал Ааттары анаан кыайыылаахтары маннык быһаарда:
«Тирииттэн, түүлээхтэн бастыҥ оҥоһук»;
«Бастыҥ быысапка оҥоһук»;
«Туостан бастыҥ оҥоһук»;
«Тимиртэн бастыҥ оҥоһук»;
«Мастан бастыҥ оҥоһук»;
«Бастыҥ төрүт иис»;
«Кылтан, сиэлтэн бастыҥ оҥоһук»;
«Оҕуруоннан бастыҥ үлэ»;
«Үс саха үгэһин үйэтитэ»;
«Уран тарбах оһуора»;
«Кэм кэрдии айар айылҕата»;
«Кэрэхсэбил»;
«Тускул»;
«ЧЫПЧААЛ ААТ».
Дьүүллүүр Сүбэ быһаарыытынан маннык Анал Ааттар олохтоннулар:
«Үс саха үгэһин үйэтитэ» Анал Аат – Саввина Нина Дмитриевнаҕа (Бэрдьигэстээх, Горнай улууһа);
«Уран тарбах оһуора» Анал Аат – Дьячковская Галина Васильевнаҕа (Бэрдьигэстээх, Горнай улууһа);
«Кэм кэрдии айар айылҕата» Анал Аат – Санникова Айталина Васильевнаҕа (Бэрдьигэстээх, Горнай улууһа);
«Кэрэхсэбил» Анал Аат – Эверстова Екатерина Петровнага (Маҕарас, Горнай улууһа);
«Тускул» Анал Аат – Яковлев Александр Владимировичка (Мастаах, Кэбээйи улууһа).
Сүрүн наҕараадалар туттарылыннылар:
«Тирииттэн, түүлээхтэн бастыҥ оҥоһук»
3 миэстэ – Семенова Любовь Иннокентьевнаҕа (Эдьигээн, Эдьигээн улууһа);
2 миэстэ – Константинова Евдокия Николаевнаҕа (Эдьигээн, Эдьигээн улууһа);
1 миэстэ – Антонова Алена Николаевнаҕа, Дьяконова Дария Семеновнаҕа (Бэрдьигэстээх, Горнай улууһа).
«Бастыҥ быысапка оҥоһук»
1 миэстэ – Захарова Василиса Петровнаҕа (Дьокуускай куорат).
«Туостан бастыҥ оҥоһук»
1 миэстэ – Степанова Анна Михайловнаҕа (Маҕарас, Горнай улууһа).
«Тимиртэн бастыҥ оҥоһук»
1 миэстэ – Яковлев Александр Владимировичка (Мастаах, Горнай улууһа).
«Мастан бастыҥ оҥоһук»
3 миэстэ – Павлов Егор Гаврильевичка (Бэрдьигэстээх, Горнай улууһа);
2 миэстэ – Захарова Мария Александровнаҕа (Мииринэй, Мииринэй улууһа);
1 миэстэ – Иванов Андрей Прокопьевичка (Элгээйи, Сунтаар улууһа).
«Бастыҥ төрүт иис»
3 миэстэ – Алексеева Мира Никитичнаҕа (Ньурба, Ньурба улууһа);
2 миэстэ – Христофорова Клавдия Дмитриевнаҕа (Орто–Сурт, Горнай улууһа);
1 миэстэ – Петрова Ольга Спиридоновнаҕа (Бэрдьигэстээх, Горнай улууһа).
«Кылтан, сиэлтэн бастыҥ оҥоһук»
3 миэстэ – Яковлева Октябрина Борисовнаҕа (Бэрдьигэстээх, Горнай улууһа);
2 миэстэ – Алексеева Раиса Николаевнаҕа Кэптин, Горнай улууһа;
1 миэстэ – Тюляхова Надежда Игорьевнаҕа Өргүөт, Үөһээ–Бүлүү улууһа.
«Оҕуруоннан бастыҥ үлэ»
2 миэстэ – Дьяконова Виктория Аркадьевнаҕа (Бэрдьигэстээх, Горнай улууһа);
1 миэстэ – Попова Лариса Николаевнаҕа (Орто–Сурт, Горнай улууһа).
«ЧЫПЧААЛ ААТ» туттарылынна Дьячковскай Валерий Моисеевичка (Бэрдьигэстээх, Горнай улууһа).
XXI Манчаары оонньууларыгар анаммыт «Манчаары оонньуулара – уран тарбах дьүһүйүүтүгэр» көрүү–күрэх быыстапка салайааччыларыгар уонна кыттыыны ылбыт Өрөспүүбүлүкэбит уус–уран оҥоһуктарын маастардарыгар махталбытын тиэрдэбит!
Быыстапка кыайыылаахтарыгар үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, үүнэ, сайда. чэчирии турун!
Информацияны бэлэмнээтэ Надежда Корнилова,
хаартыскалар Анна Капустина, Надежда Корнилова