Материал Центра «Симэх» опубликован в газете «Кыым»
Саха сирин норуотун искусствота – аан дойдуга соҕотох кэриэтэ ирбэт тоҥ сиригэр, түҥ былыргы төрдүн бэйэтинэн илдьэ хаалбыт ураты сэдэх көстүү буолар.
Былыр былыргыттан саха киһитэ төрөөбүт дойдутугар тапталын сир симэҕин курдук сиэдэрэй ураты тыыннаах, мындыр оҥоһуктарыгар көрдөрөр идэлээх. Хоту сир тыйыс айылҕатын дьиппиэн тыынын үрүҥ көмүс түгэхтээх ытарҕаларга, ньуоскаларга уонна да атын ойууга туттуллар орнаменнары уран тарбахтаах уустар быһан-отон, чочуйан олус кэрэтик оҥороллоро.
Сылгы, ынах, таба сүөһү быатын – туһаҕын, туос оҥоһуктарын, ороҥҥо уурар сөрүөлэри сүөһү түүтүттэн, сиэлиттэн, кутуругун кылыттан араас ойуулаан өрөллөрө. Прикладной искусствоҕа киирэр оҥоһуктары, былыр былыргыттан сэлии кыыл муоһуттан оҥороллоро. Ол курдук муостан холбуйалары, тараанар тараахтары, табах кутар холтууннары, араас киэргэл туттуллар тээбириннэр уктарын, ойуулаах хамсалары оҥостон туһанар буолаллара.
Ааспыт 16-17 үйэлэр усталарыгар саха маастардара муостан, тимиртэн, алтантан, мастан оҥорбут айымньыларын археологическай хаһыылартан көрөбүт, оттон 18 үйэ кэнниттэн муос, мас, тимир, алтан матырыйааллартан оҥоһуллубут композициялары өрөспүүбүлүкэ уонна Москватааҕы, Санк – Петербургтааҕы түмэллэргэ көрүөххэ сөп.
Саха сирин кырдьаҕас көлүөнэ муосчуттара А.Ф.Федоров, Н.Ф.Мамаев, Д.М.Никифоров, В.П.Попов, Т.В.Аммосов, С.Н.Пестерев, С.Н.Петров, Н.Д.Амыдаев ааттара норуокка киэҥник биллэр. Оттон билиҥҥи кэм муосчуттара Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэннэрэ Ф.И. Марков, Е.П. Саввин, К.М. Мамонтов, Р.М. Пинигин, Г.Н. Родионов ааттара Россия бастыҥ муосчуттарын кэккэтигэр дьоһуннук киирдилэр.
Дьиҥ талааннаах муосчут айылҕаны ис сүрэҕиттэн таптыахтаах, чинчийэн үөрэтиэхтээх уонна оҥоруохтаах матырыйаалын булан бэлэмниэхтээх. Саха норуотун айымньытын үксэ олохтоох матырыйааллартан оҥоһуллубутун иһин сыаналыыллар. Онон саха норуотун прикладной искусствотын үйэтитэр, киэҥ эйгэҕэ таһаарар инниттэн Симэх национальнай киин Россияҕа үтүө үгэскэ кубулуйбут муосчуттар бэстибээллэрин тэрийэн ыытар. Муосчуттар оҥортуур үлэлэрэ сылтан-сыл аайы тупсан, сыыһалара-халтылара аҕыйаан, прикладной искусство көрдөбүлүгэр эппиэттиир кыахтанар. Киин сиртэн чиэски ыраах сытар Саха сиригэр муоһунан уһаныы искусствотын сайдыыта билиҥҥи ырыынак ыар тыыныгар сүтэн симэлийэн хаалбакка иһэрэ – бу бэстибээл быһаччы өҥөтө буолар.
Сэлии муоһунан уһаныы сайдыыта “Симэх” национальнай киин тэрийэн ыытар бэстибээлиттэн улахан тутулуктаах. Маны тэҥэ үөрэх кыһаларыгар муосчуттары үөрэтэр салаалар арыллан үлэлииллэрэ эмиэ сүҥкэн суолталаах. Ол курдук, П. П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы уус-уран училище, Арктикатааҕы искусство уонна култуура үнүстүтүүтэ, ХИФУ, Намнааҕы педучилище оруоллара улахан. Муосчуттар бэстибээллэрин тэрийиигэ судаарыстыба өҥөтүн бэлиэтиир эмиэ тоҕоостоох. 2005, 2006, 2008, 2012 сс. буолбут бэстибээл дойду муосчуттарын күүскэ түмпүтэ, кинилэр айар дьоҕурдарын биллэрдик өрө тарпыта. Ол курдук, “Сэлии муоһугар сэһэн” диэн куонкуруска 2005 сыллаахха 112 муосчут үлэтэ кыттыбыта. 2006 сыллаахха – 97 кыттааччы, 2008 сыллаахха – 94, 2012 сыллаахха – 80 муосчут кыттыбыттара.
Быйыл сэттис төгүлүн ыытыллар бэстибээлгэ дойду 14 эрэгийиэниттэн, өрөспүүбүлүкэ 20 улууһуттан маастардар кытталлара күүтүллэр. Маны тэҥэ Кытайтан, АХШ-тан, Гренландияттан муосчуттар кэлэллэрин биллэрдилэр. Өрөспүүбүлүкэбит аатын суолун аан дойдуга аатырдар, Россияҕа Саха сирин ураты буочардаах, дириҥ хорутуулаах үлэлэрдээх баар суох муосчуттарбыт ааттарын дьоһуннук ааттатар сүрүн соруктаах дьаһал алтынньы ый 17-20 күннэригэр ыытыллар. Билиҥҥи ырыынак уустук кэмигэр муосчут курдук сэдэх идэлээх дьону көмүскүүр, түмэр бэстибээл дойду үрдүнэн ыытыллара кэскиллээх дьыала буолар. Маныаха мин тус бэйэм санаам маннык – Дьокуускайга алтынньыга Россия сүүсчэкэ муосчуттара мустуохтара, бэйэ-бэйэлэрин билсиэхтэрэ, тугу ситиспиттэрин, туох кыһалҕалаахтарын кэпсэтиэхтэрэ. Дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтии тахсара буолуо диэн эрэнэбин. Кистэлэҥ буолбатах айар дьоҕурдаах дьоннор бэйэ туһугар кыһаллыбаттар, тус бэйэлэригэр болҕомто уурбаттар. Бу сырыыга атын буолара буолуо. Ис сүрэхтэриттэн сөбүлүүр үлэлэриттэн тэйэн эрэр дьон баар кыһалҕаны атыннык көрүөхтэрэ. Бэстибээл иитинэн ыытыллар научнай-практическай конференцияҕа сытыы ыйытыктар көтөҕүллүөхтэрэ, онно сөптөөх хоруй ылыахтара дии саныыбын. Билигин аһаҕастык этиэххэ наада – үлэлэрбит тупсубаттар. Үчүгэй хаачыстыбалаах муос полуфабрикат диэн ааттаан омуктар өйбүтүн сүүйэн, олуйан туора барар. Үйэлээх үлэлэр оҥоһуллубаттар, барыта кып-кыра ычалаах, күннээҕи үлэлэр оҥоһуллан тахсаллар. Бу Бүтүн дойдутааҕы муосчуттар түһүлгэлэригэр биһиги биир санаалаахпыт. Саха сиригэр хостонор сэлии муоһун туттууну сүрүннүүр сокуон Ил Түмэҥҥэ тахсыахтаах. Муос биһиэнэ дуу суох дуу, диэн санаа ыар баттык буолбута ыраатта…
Билигин муос оҥоһуктар таһымнарын отой умнан баран полуфабрикаттарынан тахса сатааһын буолла. Онон өссө киэн туттааһын үөскээтэ. Бу олохтонон эрэр үлэни быраҕан, атыннык дьаһаммыт киһи баар ини, маҥнай утаа, кырдьык, бытаан мөлтөх да буоллар кэлин таһаарыылаах буолуо. Мин санаабар, урукку “Мамонтовай фонд” үлэтин салгыахха наада, атын форматынан. Саха Сирин үрдүнэн муоһу хомуйар, хонтуруоллуур, дьаһайар биир тэрилтэ баар буолуохтаах. Кини муоһу экспорка барарын хааччыйыахтаах, уонна хас биирдии муосчукка, (Саха сиригэр тарбахха баттанар ахсааннаах муосчут баар ээ).
Маннык дьаһаныы бэрт туһалаах буолуо этэ. А. Н. ГОГОЛЕВ “СИМЭХ” Национальнай киин дириэктэрэ