Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

Новости

Намнар кылааттарын киллэрсэллэр

Таатта улууһун Баайаҕатыгар СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот маастара Борис Неустроев – Мандар Уус көҕүлээһининэн ураһа тутулла турар. Нам улууһун иистэнньэҥнэрэ бу баараҕай тутууга кылааттарын киллэрэллэр.

Ол курдук, бүгүн, 2020 с. от ыйын 20 күнүгэр, ветераннар балаҕаннарыгар онно аналлаах тэрээһин буолла. Туоһунан дьарыктанар «Намыына» иис-уус түмсүүтүн далбар хотуттара бастакы саҕалааһыны 3 сыллааҕыта моҕол ураһа таспа, ол эбэтэр ойуулаах-мандардаах тас туоһун уонча устууканы тигэн Мандар Ууска туттарбыттара. Саҕалаабыттарын ситэрэн норуот маастара Татьяна Карамзина салайыытынан иистэнньэҥнэр олунньуттан аны моҕол ураһа ис туоһун оҥордулар.

Борис Неустроев кинигэтин остуол кинигэтэ оҥостон ымпыгар-чымпыгар тиийэ чочуйан таһаардылар. Туос оҥоһук уһуна 2 м 17,5 см, үрдүгэ 1 м 5 см. Илиинэн үлэ оһуора-мандара кырыйыы, тигиитэ-ситиитэ сиэлтэн, ону тэҥэ хас биирдии ойуутугар сүлүүдэ кыбытыллыбыт. Кэрэ киэргэллээх туос оҥоһук түмүктэнэн Нам улууһун маастардарын үлэтэ бу күннэргэ Тааттаҕа айанныаҕа.

Тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Юрий Слепцов, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин баһылыга Иван Ноговциын, улуустааҕы культура уонна духуобунас сайдыытын управлениетын режиссера Иван Новиков, Бөтүҥ культура киинин директора Михаил Макаров иистэннэьэҥнэргэ махтал тылларын анаатылар, инникитин өссө да ситиһиини баҕардылар. Юрий Иннокентьевич улууспутун ааттатар, үйэтитэр дьоммутугар махталын биллэрдэ.

Бу курдук, Нам улууһа Таатта улууһун кытта доҕордуу сыһыаннарын өссө төгүл бөҕөргөтөн, салгыы бииргэ үлэлиир, айар-тутар былааннаахтар.

«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата

585

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *