“Ох курдук оҥостон, кустук курук куоһанан” төрүт үгэскэ олоҕурбут саха мааны таҥаһыгар иистэнньэҥнэр, уран тарбахтаахтар өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн- күрэстэрин тосхоло
Чурапчы нэһилиэгэ тэриллибитэ 375 сылыгар аналлаах Республикатааҕы ыһыах чэрчитинэн “Ох курдук оҥостон, кустук курук куоһанан” төрүт үгэскэ олоҕурбут саха мааны таҥаһыгар иистэнньэҥнэр, уран тарбахтаахтар
өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн- күрэстэрин тосхоло
Буолар сирэ: Чурапчы улууһа, Чурапчы нэһилиэгэ, “Маҕаайы алааһа” КЭК, Киин түһүлгэ
Буолар кунэ: 2023 сыл, бэс ыйын 17 күнэ
Сыала соруга:
– Саха омук төрүт үгэскэ олоҕурбут таҥаһын көрдөрүү, пропагандалааһын;
– Сахалыы мааны таҥаһы тигэр-айар иистэнньэҥнэри, мандар маастардары, модельердары сайыннарыы, таһымнарын урдэтии, түмүү;
– Норуот үйэлэргэ мунньуллубут үтүө үгэстэрин, оһуор-мандар уратытын, сиэдэрэй симэҕин тэнитии, тарҕатыы, эдэр көлүөнэ ыччакка тиэрдии;
– Маанылаах Маҕаайы алааһыгар ыытыллар Чурапчы ыһыаҕын кэрэ көстүүлээх эйгэтин тэрийии.
Күөн-күрэс ирдэбиллэрэ:
– Күөн-күрэскэ айар холбоһуктар, уран тарбахтаахтар түмсүүлэрэ, биирдиилээн иистэнньэҥнэр төрүт үгэскэ олоҕурбут, сиэдэрэй толору симэхтээх, комплега толору (тас-ис таҥаһа, атах таҥаһа, бэргэһэтэ, дэйбиирэ уо.д.а.) сахалыы таҥаһы тигэн кыттыыны ылаллар;
– Көстүүмү тигиигэ улуус уратыта, олохтоох үһүйээҥҥэ олоҕуран оҥоһуллуута, матырыйаал өҥүн-дьүһүнүн дьүөрэлээһин, хаачыстыбата, эр киһи, дьахтар, оҕо, араас саастаах дьон анал оһуорун-мандарын, харысхалы сөптөөхтүк туһаныы, таҥаска-сапка дьүөрэлэһэр бэйэ талбыт киэргэлинэн-симэҕинэн (аксессуар) толорон биэрии үрдүк сыанабылга турар;
– Дефиле 5 мүнүүтэттэн тахсыбат, театрализованнай дьүһүйүү элеменнэрин, сахалыы малы-салы, миинэр миҥэни туһаныы биһирэнэр, көстүүмнэри кэтэн көрдөрөөччүлэри кыттааччы бэйэтиттэн хааччыйар;
– Күөн-күрэскэ кыттар көстүүмнэр кылгас аннотациялара (историческай справка, туох матырыйаалтан оҥоһуллубута) булгуччу ирдэниллэр;
– Кыттыы иһин төлөбүр хас биирдии кыттааччыттан 500 солк. (автортан уонна коллекция кыттааччыларыттан).
Биһирэбил көүҥнэрэ:
– Кылаан бириис;
– Анал номинациялар;
– Хас биирдии кыттааччыга күөн-күрэс туоһу суруга туттарыллар;
– Дьүүллүүр сүбэ көрүүтүнэн миэстэ таһаарбат бырааптаах, быһаарыыта бүтэһиктээх.
Билсэр аадырыстаргыт:
Чурапчы улууһа, Чурапчы с., Ярославскай уул. 18 «а», «Айылгы» ОНАДь, «Ай» народнай студия, 89248711870 (Сусанна Дмитриевна Дьячковская), 89141040099 (Муосчут кыыһа Айылгы Пинигина) aiylgy999@mail.ru