Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

Новости

Олоҥхону кытта бииргэ сайдыахха

Сэтинньи 19 күнүгэр «Мичээр» 82 №-дээх уһуйааҥҥа, фольклор хоһуттан Олоҥхо декадата саҕаланна.

«Олоҥхону кытта бииргэ сайдыахха» – диэн олоҥхо оонньууларыгар уонна оонньуурдарыгар дьиэ кэргэттэргэ уонна иитээччилэргэ күрэх буолан ааста, тэрийээччи Захарова Анна Елисеевна эбии үөрэхтээһин уһуйааччыта. Курэх Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылыгар, Саха Сиригэр оҕо сылыгар ананна.

Дьүүллүүр сүбэ Сысолятина Зоя Григорьевна, научнай методическай үлэҕэ уонна ис сибээскэ Олоҥхо киинин фольклорун сүрүн үлэһитэ, уонна Куличкина Анастасия Еремеевна, «Симэх» норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинин быыстапка пуондатын методиһа, номнуо иккис сылын ситимнээхтик норуот дьарыгын, үүнэр көлүөнэ айымньыытын сайдыытыгар «Мичээр» уһуйааны кытары үлэлээтилэр. Төрөппүттэр оҕолорун кытары олус көхтөөхтүк кытыннылар, иитээччи төрөппүтү кытта үлэтэ сылтан сыл таһыма үрдээн иһэрин бэлиэтээтилэр.

Уопсайа 24 дьиэ кэргэн («Кэскил», «Чуораанчык», «Кэнчээри», «Сулусчаан» бөлөхтөр), 6 иитээччилэр кытыннылар. Хас биирдии кыттааччы сүрэҕин сылааһын ууран оҥорбута көстөр, олус кэрэхсэбиллээх үлэлэр. Кэнчээри ыччаттарга олоҥхону сырдатар, үйэтитэр кэскиллээх дьыаланы оҕо уһуйаана ситиһилээхтик ыытара кэрэхсэбиллээх. «Симэх» норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинэ кинигэлэри бэлэхтээтэ.

Күрэх түмүгэ:

Дьиэ кэргэн кыттааччыларга:

I үрдэл: Местникова Туйаара Иннокентьевна, «Кэскил» бөлөх, «Аал Луук мас» оҥоһук (папье-маше)
II үрдэл: Ананьевтартар дьиэ кэргэн (Карина), «Сулусчаан» бөлөх, «Кыталыктар» оонньуурдар (фетр)
III үрдэл: Решетниковтар дьиэ кэргэн (Милана), «Чуораанчык» бөлөх, «Олоҥхо Куота» таҥас кукула

Иитээччилэргэ:

I үрдэл: Урбагаева Мария Ивановна, «Кустук» бөлөх, «Олоҥхо дьоруойдара» куукулалар, «Олоҥхо дойдута» лото
II үрдэл: Жерготова Аида Иннокентьевна, «Кэскил» бөлөх, «Олоҥхо дьоруойдарын «дьиэлэрин» буллар» остуол онньуута
III үрдэл: Васильева Марианна Ивановна, Жерготова Аида Иннокентьевна, «Кэскил» бөлөх, «Ким урут Туйаарыма Куоҕа тиийиэй?» остуол оонньуута

78

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *