Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

Новости

Олоҥхо күнүгэр Ил Дархан анал истипиэндьийэтин анаата

Сэтинньи 25 күнэ – Олоҥхо күнэ. Бу күҥҥэ олоҥхону киэҥ араҥаҕа тарҕатар, үйэтитэр соруктаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Биир сүдү суолталаах тэрээһининэн – «Олоҥхоһуттарга, оһуохай тылын этээччилэргэ, тимир уустарыгар уонна норуот маастардарыгар – үгэс буолбут култуурабытын илдьэ сылдьааччыларга – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев анал истипиэндьийэтин аныыр туоһу сурук туттарыытын үөрүүлээх сиэрэ-туома буолан ааста.

Төрүт үгэспитин илдьэ сылдьааччыларга, тилиннэриигэ, үйэтитиигэ, сайыннарыыга уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатыыга өҥөлөрүн, өрөспүүбүлүкэбит олоҕор-дьаһаҕар көхтөөх кыттыыларын, оҕону уонна эдэр ыччаты сайыннарыыга кылааттарын иһин – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын истипиэндьийэтин быйыл 26 киһи ылар чиэскэ тигистэ.

Олоҥхоһуттарга истипиэндьийэ ананна:

1. ДАНИЛОВ Владимир Дмитриевичка, Сунтаар улууһа
2. ЛАЗАРЕВА Сусанна Васильевнаҕа, Чурапчы улууһа
3. ПЛАТОНОВА Любовь Иннокентьевнаҕа, Дьокуускай куорат
4. СПИРИДОНОВ Гаврил Васильевичка, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа
5. СТРУЧКОВА Мария Афанасьевнаҕа, Үөһэ Дьааҥы улууһа
6. ЦОЙ Людмила Константиновнаҕа, Таатта улууһа

Оһуохай тылын этээччилэргэ истипиэндьийэ ананна:

1. АБРАМОВА Ирина Васильевнаҕа, Уус Дьааҥы улууһа
2. АРТЕМЬЕВА Александра Ивановнаҕа, Амма улууһа
3. АФАНАСЬЕВА Лидия Степановнаҕа, Үөһээ Бүлүү улууһа
4. ГАВРИЛЬЕВ Руф Елисеевичка, Ньурба улууһа
5. ИВАНОВА Лариса Николаевнаҕа, Сунтаар улууһа
6. ПОПОВ Афанасий Николаевичка, Таатта улууһа
7. ЧОКУРОВА Мария Михайловнаҕа, Сунтаар улууһа

Тимир уустарыгар истипиэндьийэ ананна:

1. ГОВОРОВ Леонид Прокопьевичка, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа
2. ГОТОВЦЕВ Роман Ильичка, Уус-Алдан улууһа
3. ПОПОВ Василий Степановичка, Чурапчы улууһа
4. ПОПОВ Илларион Егоровичка, Уус-Алдан улууһа
5. ПОТАПОВ Николай Ильичка, Дьокуускай куорат
6. ТОМСКИЙ Семен Семеновичка, Бүлүү улууһа

Норуот маастардарыгар истипиэндьийэ ананна:

1. БАИШЕВ Николай Семеновичка, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа
2. ГОГОЛЕВ Александр Николаевичка, Дьокуускай куорат
3. КАРАМЗИНА Татьяна Алексеевнаҕа, Нам улууһа
4. КОЛОДЕЗНИКОВА Надежда Павловнаҕа, Өлөөн улууһа
5. ЛОПАТИН Афанасий Петровичка, Таатта улууһа
6. ПЕТРОВА Мария Егоровнаҕа, Уус-Алдан улууһа
7. СЕМЕНОВА Анна Николаевнаҕа, Бүлүү улууһа

Үс сыл иһигэр 81 киһиэхэ Ил Дархан истипиэндьийэтэ ананна, ол иһигэр 2 олоҕун тухары ылар чиэскэ тиксибиттэрэ.

Өбүгэбит саҕаттан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын үрдүк чыпчаала – олоҥхо. Саханы саха дэтэр, кэскиллээҕи кэрэһэлиир, үтүөгү үксэтэр, Сахабыт сирин тылын-өһүн, таҥнар таҥаһын, иһитин-хомуоһун, оһуорун-мандарын, айан-тутан таһааран Аар Саарга аатырдыбыт талааннаах дьоммутун-сэргэбитин эҕэрдэлиибит!

497

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *