Ольга Ивановна Гуляева сырдык кэриэһигэр анал быыстапката арыллынна
Алтынньы 20 күнүгэр «Симэх» арт-салонугар «Магия лоскутных узоров» диэн ааттаах, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара, Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын «Арассыыйа Кута» («Душа России») бириэмийэ, «Гражданскай хорсун быһыы» бэлиэ хаһаайката, Арассыыйа Федерациятын норуотун сырдатыытын туйгуна, Арассыыйа Федерациятын уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ уонна «Саха-Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы фонд педагог-лауреата Ольга Ивановна Гуляева сырдык кэриэһигэр уонна 90 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт быыстапка арыллынна!
Ольга Ивановна 1936 сыллаахха олунньу 2 күнүгэр Ленскэй оройуонун Чамча сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа «сэрии тымныытыгар тоҥмут» элбэх ыарахаттары, үлэҕэ эриллиилэри көрсүбүтэ. Эрдэ төрөппүттэрэ суох хаалан, аччыктааһыны, тымныыны, тулаайах дьылҕатын билбитэ эрээри, бу тургутуулар кини майгытын-сигилитин бөҕөргөппүттэрэ, дьулуурдаах, үлэһит, сыалы ситиһэр киһи буоларыгар көмөлөспүттэрэ.
Ольга Ивановна олоҕун тухары дьоҥҥо үлэлээбитэ, дьылҕатын айылҕаттан анатыытын үс сүрүн кэрчиктэрин илдьэ сылдьыбыта: педагог, маастар, ырыаһыт. Бу күҥҥэ аймах-билэ дьоно, биир үөлээннээхтэрэ хас биирдии кэрчигин ахтан-санаан аастылар.
Ольга Ивановна Гуляева – киһи, учуутал уонна айааччы, кини олоҕо дьулуур, муударас уонна бэйэтин дьыалатыгар, төрөөбүт сиригэр муҥура суох таптал бэлиэтэ буолбута, биһиги сүрэхпитигэр үйэ-саас тухары хаалыаҕа.
Быыстапка олунньу 30 күнүгэр диэри сарсыарда 10.00 ч. 18.00 ч. диэри үлэлиир. Быыстапка чэрчитинэн олунньу 24, 28 күннэригэр «кырадаһынынан тигиигэ» маастар-кылаас буолар. Миэстэ хааччахтаах, б.т. 8924-865-11-10

