Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

Новости

Олоҥхо дьиэтигэр «Симэх» Национальнай киинин быыстапката арылынна

Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, сэтинньи 20 күнүгэр өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан уран тарбахтаах, талба талааннах норуот маастардарын эталоннай үлэлэрин быыстапкатын арыллыыта үрдүк таһымнаахтык ааста.

Айан – тутан, чочуллан оҥоһуллубут, элбэх сыраттан тахсыбыт уран оҥоһуктар Олоҥхо дьиэтигэр кэрэ эйгэҕэ угуйан, хараҕы, дууһаны манньыта – сылаанньыта киэргэтэ тураллар. Быыстапка үөрүүлээх арыллыытын Хамагатта нэһилиэгин “Түһүлгэ” сынньалаҥ киинин фольклорнай бөлөҕө, тыыннаах доҕоһуолунан дэгэрэн ырыаннан са5алаата. Э5эрдэ тыл уонна кыһыл лиэнтэ быһыыга Нам улууһа муниципиальнай тэриллии баһылык бастакы солбуйааччыта Сивцева И.И., «Симэх” национальнай киинин фондово-выставочнай отдел салайааччыта Баишева Радомира Дмитриевна уонна Олоҥхо дьиэтин директора Колпашникова Вера Васильевна уонна Виталий Очиров репертуратыттан «Айыыларым араҥаччылаан” диэн ылбаҕай ырыаннан Игнатьев Виктор Викторович түмүктээтэ.

Салгыы мустубут дьон быыстапканы кэрэхсии көрдүлэр. Уус дьоммут, айан – тутан, уһанан, чочуйан талыы – талба үлэлэрин , өбүгэлэрбит хаалларбыт муударастарын илдьэ кэлэн саха таҥаһын, киэргэлин, туттар малын, оһуор – мандар эгэлгэтин арыйар үлэлэр бааллар. Салгыы уус – уран оҥоһуктары оҥорууга маастар кылаастар ыытылыннылар. Сиэлтэн, кылтан, оҕуруонан тигиигэ, дэйбиир, таҥастан куукула оҥорууга.

Онтон сэтинньи 25 күнүгэр “Бууктаах сон”, “Оноолоох сон” соннор тигиитигэр, нэмиэт быһыытыгар, таҥас кырадаһыннарынан тигии, кылынан оруугэ маастар кылаастар ыытылыннылар.
Бу ураты тыыннаах, истиҥ эйгэлээх быыстапка Нам улууһун олохтоохторун үөрдэ – көтүтэ биэс күн толору туран, эдэрдиин-эмэнниин, оҕолуун – уруулуун бары кэлэн быыстапка үлэлэрин көрөн – истэн, сыаналаан, туох эрэ саҥаны билэн, арыйан бардылар.

П.П.Ядрихинскай – Бэдьээлэ аатынан
Олоҥхо дьиэтин уус – уран салайааччыта
Мегина Туяра Афынасьевна

1 441

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *