Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

Новости

“Сөргүтүү” түмсүү 5 сыла!

Хараҥа түүҥҥэ хаарыйтаран, имик-самык умайар көмүлүөк оһох иннигэр саха дьахтара бүк түһэн иҥиир ситиии хатар, киҥнэйэн ыллыырын быыһыгар, кыбытык киэргэллээх халтаҥ сон, Ыһыахха кэтиллэр кимиэхэ да суох сары этэрбэс тигиэхтээҕин, холбукатын иһигэр ойуулаан көрөр, мындыр өйүнэн, сытыы сатабылынан араас-дьэрэкээн оһуордары тиһэн, сүрэхтэн тахсар сылааһынан угуттаан мааны айымнньыны таһаарар. Хас биирдии саха дьахтарын ииһэ бу айымнньы, манна баар айылҕа ойуута, манна баар харах сымныыр, сүрэх үөрэр кэрэ кэпсээн оһуора. Ол курдук саха ииһэ хатыламмат кэрэ кэпсээн, умнуллубат кэрэ ойуу.

Бүгүн, сэтинньи ый 22 күнүгэр “Сөргүтүү” общественнай түмсүү 5 сылынан «Удьуорбутун утумнаан, өбүгэ ииһин үйэтитэн» быыстапка арыллыыта буолан ааста.

Өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан биир көрүүлээх араас дьон мустан, сомоҕолоһон 2019 сыллаахха “Сөргүтүү” иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ. Бу талба талааннаах иистэнньэҥнэргэ мэлдьи сүбэһитинэн, уһуйааччынан норуот маастара, СӨ култууратын туйгуна, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэ хаһаайката, СӨ уонна РФ үлэ бэтэрээнэ, аан дойду түһүлгэтигэр аата-суола иһиллэр, Азияна Филипповна Харлампьева буолар.

Азияна Филипповна үөрэнээччилэринээн саха таҥаһын-сабын сөргүтүүтүнэн бу биэс сыллар усталарыгар утумнаахтык үлэлээн-хамсаан кэллилэр. «Үрүҥ тунах”, “Айыылар”, “Сайыны дьүһүйүү”, “Хара кыталык” коллекциялара дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыттара.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр ыытыллар араас күрэхтэр кыайыылаахтара, кыттыылаахтара,тэрийээччилэрэ буолаллар. Биир киһи үөрэҕэ уон киһини хабар, ол киһи уон оччо киһиэхэ тарҕатар, ити курдук саха ииһэ көмүс утаҕын сыыйан салҕанан бара турар. “Сөргүтүү” көмүс иннэлээх түмсүү үөскээн, саха ииһин сайыннарар санаалаах айар-тутар, саҥа саҕахтары арыйар. Кинилэр 16-19 үйэлэр кирбиилэригэр олорон ааспыт дьон таҥаһын-сабын хорсуннук түһэрэн оҥорбуттара төрүт култуураны үөрэтээччилэр, чинчийээччилэр, искусство эйгэтигэр үлэлээччилэр сыанабылларын ылар.

“Сөргүтүү” түмсүү айымньыларын кэрэхсии кэлин диэн ыҥырабыт!

Буолар сирэ: Өксөкүлээх аатын норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин Галереята, 1 эт.

Буолар кэмэ: сэтинньи ый 22 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри

Сиһилии мастер-класс программатын билсин: https://simekh-sakha.com/uvtos/

316

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *