Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

Новости партнёров

С Юбилеем, Айсен Сергеевич!

Ытыктабыллаах Айсен Сергеевич!
Араҕас илгэ далбардаах, айгыр–силик бэйэлээх күн сирин көрбүтүн үйэ аҥара туолар үтүө-мааны күнүнэн “Симэх” норуот искусствотын уонна уус-уран оҥоһуктарын Национальнай Киинин аатыттан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит!
Сүрэҕин сылааһынан, билииҥ–көрүүҥ таһымынан, мындыр сатабылгынан бар дьоҥҥо чэбдик-чэгиэн нус-хас олоҕу, айар–тутар айылгыны, сырдык эрэли саҕарга күннэтэ үрүлүйэ үлэлиигин, дьоһуннаах хардыылары оҥороҕун!
Саха норуотун үгүс үйэлэри уҥуордаан кэлбит уһанар-иистэнэр үтүө үгэстэрин сөргүтүүгэ, сайыннарыыга тус болҕомтоҕун уураргын билинэбит уонна сыаналыыбыт!
Үтүө-мааны өрөгөйдөөх күҥҥүнэн баҕа санаабыт бастыҥын аныыбыт!
Үрдүк дьүүллээх, көтүрүллүбэт ыйаахтаах
Аар Айыыларбыт
Арчылыыр сылаас тыыннарын,
Эҕэрдэлээх илин халлаантан
Үөрэ сэгэйэн анаатахтара буоллун!
Аламай маҥан күн
Сырдык сыдьаайа
Алаһа дьиэҕин араҥаччылыы туруохтун!
Соргу тосхойдун! Туску туһаайдын!
Дьол-соргу тосхойдун!
Уруй-туску, Айхал-мичил!
Алгыс баһа сыаланнын!

311

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *