Саха өрөспүүбүлүкэтин “Симэх” норуот искусствотын уонна уус-уран оҥоһуктарын Национальнай Киинэ
Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Таатта улууһун бочуоттаах гражданина, “Таатта” улууһугар культура, искусство сайдыытын иһин” бэлиэлэр хаһаайына, мелодист, үгүс кинигэ ааптара, саха төрүт дорҕоонун, музыкальнай культуратын сайыннарыыга сайдыыны киллэрбит, сүҥкэн суолталаах айымньылаах үлэни ыыппыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара, үлэ, тыыл ветерана Александр Иванович Чахов 86 сааһыгар ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэммитинэн дьиэ-кэргэнигэр, чугас аймахтарыгар, Таатта улууһун, өрөспүүбүлүкэ бар дьонугар дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.
Александр Иванович баҕа санаатынан, сырдык дьулуурунан, айымньылаах үлэтинэн саха норуотун музыкальнай инструменнарын: кырыымпаны, хомуһу уо.д.а. үгүс сыллар тухары чинчийэн, кыраҕы хараҕынан, уус тарбахтарынан оҥорбута, хас да кинигэни суруйан хаалларбыта. Кини олоҕун бүтүннүүтүн саха төрүт дорҕоонун дьайар күүһүн үөрэтиигэ анаабыта. Оҕолору искусство кэрэ эйгэтигэр сиэтэн киллэрбитэ. Александр Иванович Чахов туһунан сырдык өйдөбүл биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах буолуо.