«Симэх» үбүлүөйдээх түһүлгэтиттэн солуннар
Алтынньы 12-22 күннэригэр Дьоккуускай к. Саха Сирин киэӊ нэлэмэн иэнин барытын хабан, уран уустары, иис куттаах Далбар хотуттары кэрэ эйгэтигэр түмэр «Симэх» норуот айымньытын Киинин 25 сыллаах үрүӊ көмүс үбүлүөйдэрин бэлиэтиир өрөгөйдөөх күннэрэ үгүс киһини үмүрү тардан киэӊ далааһыннаахтык ыытылыннылар.
1992 сыллаахха тэриллибит «Симэх» галерея быйыл норуот искусствотын Национальнай Киинэ буолла.
Государственнай Россиятааҕы норуот айымньытын Дьиэтиттэн, Тыва, Алтай, Хабаровскай кыраай, Магадан уобалаһыттан , Казахстантантан биир идэлээхтэрбит, уран тарбахтаах уустар кыттан тэрээһин үрдүк таһымӊа ыытылынна.
Саха республикатын аатырар –сураҕырар маастардарын уонна «Симэх» фондатыгар хараллан сытар оӊоһуктар бастын түһүлгэлэрэ тэриллэн, күлүмнээн – күндээрэн алтынньы 12 күнүгэр Национальнай художественнай музейга «Народное искусство -национальное достояние» быыстапка аһылынна.
Тааттаттан төрүт үгэһи өрө тутар норуот маастардара: Ф.И.Чярин (Тааттыныскай нэһилиэк) чочуйбут чороонноро, кытаҕа ,маллаах иһитэ, удьаата, А.П.Лопатин (Тааттыныскай нэһилиэк), С.Е.Оросин (Игидэй нэһилиэгэ) чороонноро, В.В.Протопопов (Орто Амма нэһилиэгэ) чороонноро, кытыйата, иис оӊоһуктартан: Н.Ю.Андросова (Баайаҕа нэһилиэгэ) XVӀӀӀ үйэтээҕи «Сүктэр кыыһын таӊаһа», «Бисер Севера» республикатааҕы күрэх лауреата А.Н.Голикова (Тааттыныскай нэһилиэк).
«Атын симэҕэ», Саха сиригэр , Россияҕа (Иваново , Москва к.), Францияҕа (Эльзас ) ыытыллыбыт күрэхтэр, фестиваллар лауреаттара, дипломаннара А.Н.Большакова (Уус Амма нэһилиэгэ) кырадаһынтан таӊан тикпит «Ат симэҕэ», паннолара , К.И.Наумова-Иванова (Дьохсоҕон нэһилиэгэ) оӊоһуктара, Н.Д.Христофорова (Баайаҕа нэһилиэгэ) «Эльзас оһуора», В.С.Белолюбская (Уус Амма нэһилиэгэ) «Туос тойуга», А.А.Богдокумова, П.К.Богдокумова (Уус Амма нэһилиэгэ) «Кыыс анала» паннолара көрдөрүүгэ турдулар.
Алтынньы 13 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр раритет чорооннору көрүү, «Симэх» Киин 25 сыллаах үлэтин-хамнаһын толору сырдатар фотолетопись быыстапката ыытылынна.
Алтынньы 19 күнүгэр ааспыты анаарар, билиӊӊи үлэни ырытар, кэнэҕэски кэми ыралыыр ӀӀӀ регионнар икки ардыларынааҕы «Традиции и современность в искусстве народных художественных промыслов и ремесел Крайнего Севера, Дальнего Востока и Сибири» конференция №2 правительство дьиэтин Конференц-саалатыгар ыытылынна.
Алтынньы 21 күнүгэр норуот маастардара, искусствоведтар, СР культураҕа министры солбуйааччы Н.А.Макаров, улуустартан культура салаатын үлэһиттэрэ кыттыылаах «Чороон. Үгэстэри сөргүтүү. Санаа атастаһыыта» төгүрүк остуол ыытылынна. Тааттаттан СР норуотун маастардара Ф.И.Чярин, А.П.Лопатин алгыстаах чороон оһуордаах айанын арыйдылар, айар-тутар ньымаларын кистэлэӊин кэпсээтилэр.
Алтынньы 20-21 күннэригэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ӀӀӀ регионнар икки ардыларынааҕы быыстапка ыытылынна. Уран көстүү көхтөөх күрэҕин түмүгүн таһаарыы – тэрээһин сүрүн түһүмэҕэ алтынньы 22 күнүгэр тэриллэн кыайыыны ситиспит уустары чиэстээһин буолла.
Таатта уустарыгар бу күн умнуллубат үтүө түгэннэри бэлэхтээтэ:
туос оӊоһуктарга Баайаҕа нэһилиэгин «Испэ туос» түмсүү (сал. П.В.Макарова) Ӏ ст. лауреат үрдүк аатын ылан өрөгөйдөөтүлэр.
СР норуотун маастара ытык киһибит Б.Ф.Неустроев –Мандар Уус тус бэйэтэ ыйан-кэрдэн, кыраҕытык көрөн-истэн 6 ый устата 12 иистэнньэӊ кынат буолан тикпит сүргэни көтөҕөр, сүрэҕи сүүйэр күлүм көстүүлээх кэрэ-дьикти испэ туостарын көрбүт дьон бары сөхтүлэр.
Кыымнаах кыһалаах кыстыктаах , күпсүйэр күөттээх тимир уустарын күрэҕэр Л.С.Васильев (Тааттыныскай нэһилиэк), сувенир оӊоһуктарга У.В.Матвеева (Тыараһа нэһилиэгэ) ӀӀ ст. лауреат аатын ыллылар.
Туос иһиттэри тикпит Е.М.Баишева (Баайаҕа нэһилиэгэ) анал Грамотанан наҕараадаланна.
Быйыл Иваново к. XӀ төгүлүн ыытыллыбыт «Лоскутная мозаика России» фестиваль кыайыылаахтарын М.П.Федотованы (Тааттыныскай нэһилиэк), А.Н.Большакованы, Г.М.Попованы (Уус Амма нэһилиэгэ) чиэстээн РФ культураҕа министерствотын дипломнарын, бэлэхтэрин туттардылар.
Бу күн Таатта улууһун норуотун маастара М.П.Федотова «СР уус-уран уһаныыга маастар» үрдүк аатын ылан үөрүүбүт өссө үрдээтэ.
СР норуотун маастара С.К.Билюкин предпринимательство министерствотын, А.П.Лопатин, М.Н.Захаров ( Октябрьскай нэһилиэгэ), Н.Ю.Андросова, П.В.Макарова, В.В.Протопопов, Ф.И.Чярин «Симэх» Киин «Махтал суруктарын» туттулар.
А.Н.Большакова СР культураҕа министерствотын норуот уус-уран айымньыта сайдарыгар киллэрбит кылаатын иһин анал бэлиэнэн, культура салаатын специалиһа Я.А.Никифорова Ил Түмэн Грамотатынан наҕараадаланнылар. Тааттаттан төрүттээх П.П.Егоров СР норуотун маастара, Ж.Н.Осипов, А.Е.Борисова СР уус-уран уһаныыга маастар аатын ыллылар.
Сайдар кэскили уһанар айар куттаах, көмүс илиилээх мындыр уус дьоммутун түмэр, сомоҕолуур, күүс-көмө, бигэ тирэх буолар, ураты тыыннаах эйгэлэригэр үктэннэрэр, айыы суолун арыйар сүдү күүстээх норуот баай айымньытыттан силис тардан сайдар, саханы ааттатар, аан дойдуга аатырдар, ситиһиигэ сирдиир айымньылаах улэлээх “Симэх” диэн сиэдэрэй ааттаах Киин бары үлэһиттэригэр алгыстаах айаӊӊыт аартыга арыллан истин, силигилии сайдыӊ диэн Таатта улууһун айар-тутар дьонун аатыттан алгыыбыт!
Таатта улууһун культура салаатын специалиһа Я.А.Никифорова