Приглашаем на выставку-конкурс по изготовлению берестяной утвари
Республиканская выставка-конкурс по изготовлению берестяной утвари “Толору арыылаах туос тууйас” впервые был организован народной студией “Ай” Чурапчинского улуса РС(Я) при Районном доме народного творчества “Айылгы” и проводится ежегодно в рамках мероприятий, приуроченных годовщине Победы в Великой Отечественной войне 1941-1945 годов.
Выставка-конкурс, нацеленный на пропаганду и показ творческих достижений мастеров по художественной обработке бересты, раскрывает тему исторической памяти и уважительного отношения к традициям народа Саха молодого поколения.
В 2023 году конкурс посвящается 120-летию со дня рождения Степана Афанасьевича Саввина – Күн Дьирибинэ, поэта, переводчика, члена союза писателей СССР, участника Гражданской и Отечественной войны и светлой памяти автора проекта Валентины Дмитриевны Пинигиной, отличника культуры СССР, заслуженного работника культуры РС(Я), почётного гражданина Чурапчинского улуса.
Торжественное открытие выставки состоится 5 мая в 14:00 ч. в Доме дружбы народов им. А.Е. Кулаковского.
Подробная информация: Положение выставки-конкурса «Толору арыылаах туос тууйас»
Таҥалай тигиилээх туос тууйас
Ленаны таҥнары устан сыый
Таптаабыт дойдуттан туруу ас
Эн искэр баранна, бырастыый
Сүүрүккэ сүктэрэн лэглээрэ
Сүүһүнэн көстөрү чиэрэстиий
Биир да чаас тохтоомно элээрэ
Мин билэр биэрэкпэр устан тиий
Бырастыый, туос тууйас, бырастыый
Мин бигэ илдьиппин умнумаар
Дойдугар эн бастаан устан тиий
Элбэх диэн кэһиитэ уурдараар
Аҕа дойду сэриитин кэмнэрэ улам-улам ыраатан иһэллэр. Ол гынан баран төһөлөөх да кэм ааспытын иһин, төһөлөөх да хаар бу сыллары саба түспүтүн иһин норуот улууканнааах иэйиитин өлбөөдүйбэт өйдөбүлэ, үйэ саас тухары өйтөн – сүрэхтэн, симэлийиэ – сүтүө суоҕа.
Төрөөбүт дойдуну кытта ситимниир тиһэх сылаас өйдөбүл, дириҥ ахтылҕан, төрөөбүт дойдуга таптал туос тууйаһынан сирэйдэнэн саллаат Дьуон-Дьаҥылы дууһатыттан хоһоон тылларыгар кутуллан таҕыстахтара диэн өйдөбүлү көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн иһиэхтээхпит биһиги, сэрии ыар сылларын баттаһа олорон ааспыт эбэлэрдээх-эһэлэрдээх дьон.
Оччолорго бэбиэскэ тутан саллаакка ыҥырыллыбыттаах дьон барахсан иһит – хомуос кэмчи кэмигэр өйүө арыыларын туос тууйаска ыга симэн биэрэн алаастарыттан атаарар сүрэҕи долгутар түгэннэрин кэрэһилиир сыаллаах туосчуттар күрэхтэрин Чурапчы улууһун уран тарбахтаахтарын түмэр “Ай” народнай студия 2016 сыллаахха бастакытын СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Валентина Дмитриевна Пинигина көҕүлээһининэн тэрийэн ыыппыта.
“Толору арыылаах туос тууйас” быыстапка туос иһит былыргыттан аныгыга диэри хайдах оҥоһулларын тэҥнии тутан көрөллөрүгэр, саха норуотун иһитин-хомуоһун, онтон да атын оҥоһуктарын былыргыттан аныгы олоххо диэри сайдыытын билэллэригэр сыалланан ыытыллар. Ол эрэн саамай сүрүнэ – сэрии сылларын саҕана олорбут дьоммут сэргэбит ытык өйдөбүллэригэр анаан тэриллэр.
Быыстапка үөрүүлээх арыллыыта муус устар 5 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр күнүс 14:00 ч. са5аланар. Быыстапка үлэлиир кэмэ кулун тутар 5-19 күннэрэ.
Муосчут кыыһа Айылгы Пинигина, Чурапчы улууһун “Айылгы” ОНАДь “Ай” народнай студия үлэһитэ.
Пушкинская карта