Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

Новости

“Толору арыылаах туос тууйас” быыстапка түмүгэ таҕыста

Саха сирин туосчуттарын “Толору арыылаах туос тууйас” быыстапка-күрэхтэрин сабыллыыта ыам ыйын 19 күнүгэр Дьокуускай куоракка “Симэх” национальнай кииҥҥэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааста.

Саха оҥоһугун маанытын-намчытын нарылаан уһанар, туос иһит туналҕан көстүүтүн тигэн таһаарар уран уустар 1-кы өрөспүүбүлүкэтээҕи “Толору арыылаах туос тууйас” диэн Саха сирин туосчуттарын быыстапка-күрэхтэрэ ыам ыйын 5 күнүгэр арыллыбыта. Туос иһит былыргыттан аныгыга диэри хайдах оҥоһулларын тэҥнии тутан көрөллөрүгэр, саха норуотун иһитин-хомуоһун, онтон да атын оҥоһуктарын былыргыттан аныгы олоххо диэри сайдыытын билэллэригэр, сэрии сылларын саҕана олорбут дьоммут-сэргэбит ытык өйдөбүллэригэр анаан ыытыллар тэрээһин Чурапчыга улуус таһымынан СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Валентина Дмитриевна Пинигина көҕүлээһининэн 2016 сыллаахтан ыытыллыбыта.

“Толору арыылаах туос тууйас” быыстапка-конкурс географията кэҥээн, быйыл «Ай» народнай студия уонна “Симэх” национальнай киин тэрийиитинэн Дьокуускай куоракка ыытылынна. Күрэххэ Дьокуускай куораттан, Тулагыттан, Чурапчы, Таатта, Уус-Алдан, Нам, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Сунтаар уонна Үөһээ Халыма улуустарыттан кыттыыны ыллылар. Барыта 100-тэн тахса үлэни туос маастардара көрдөрүүгэ туруордулар. Быыстапка-конкурс икки бөлөххө араарыллан ыытылынна, ол курдук норуот уус уран оҥоһуктарын уонна СР норуотун маастардара уонна саҥа саҕалааччылар.

Дьүүллүүр сүбэҕэ Россия уонна Саха республикатын култууратын үтүлээх үлэһитэ, «Симэх» национальнай киин салайааччыта Яна Викторовна Игнатьева, СР үөрэҕириитин туйгуна, СР норуотун маастара, «Хорсун быһыы» бэлиэ хаһаайката Варвара Тихоновна Васильева, «Симэх» национальнай киин фондатын харайааччыта Дария Васильевна Гуляева, П.П. Романов аатынан ойуулуур дьүһүннүүр училище ойуулуур дьүһүннүүр искусство салаатын уһуйааччыта Надежда Егоровна Корнилова үлэлээтилэр.

Саҥа саҕалааччылар бөлөхтөрүгэр “Бастыҥ композиция иһин” анал аат ойуулуур-дьүһүннүүр училище студена, Бүлүүттэн Боронова Чэмэлиинэҕэ, “Туоһу бастыҥ таҥастааһын уонна тигии иһин” анал аат училище студена Дьокуускайтан Румянцева Викторияҕа, “Төрүт үгэстэри үйэтитии уонна оҥоһукка туһаныы иһин” анал аат Таатта улууһуттан Титова Сардаанаҕа, “Туоһунан тигиигэ саҥаны киллэрии иһин” анал аат Намтан Румянцев Айаалга иҥэриллэн эдэр туосчуттар үөрүүлэрэ үксээтэ. Бу бөлөххө кыайыылаахтарынан ааттаннылар: Петрова Айталыына, Сунтаар улууһа (1 миэстэ), Нина Свидерская, Үөһээ Халыма улууһа (2 миэстэ), Алексей Ермолаев, Нам улууһа (3 миэстэ).

Норуот маастардарын бөлөҕөр анал ааттар иҥэрилиннилэр: “Бастыҥ композиция иһин” – Яна Нюргусоваҕа (Нам улууһа), “Туоһу бастыҥ таҥастааһын уонна тигии иһин” – Ирина Васильеваҕа (Чурапчы улууһа), “Төрүт үгэстэри үйэтитии уонна оҥоһукка туһаныы иһин” – Александр Даниловка (Дьокуускай к.), “Туоһунан тигиигэ саҥаны киллэрии иһин” – Василий Степанов (Тулагы нэһ.). Бастыҥтан бастыҥнарынан буоллулар: 1 миэстэ – Намтан Анастасия Герасимова, Иван Винокуров, 2 миэстэ – Чурапчыттан Александра Оконешникова, 3 миэстэ – Намтан Варвара Баишева.

Пинигиннэр дьиэ кэргэттэрин аатыттан анал бирииһи Чурапчы улууһун эдэр кэскиллээх туосчутугар Акулина Гермогеноваҕа Семен Семенович Пинигин туттарда.

Ис сүрэхтэн тахсар махтал мааны тылларын тэрийээччилэр ааттарыттан “Толору арыылаах туос тууйас” быыстапка-конкурс сүрүн спонсорыгар “Прогресс” ХЭТ салайааччытыгар, Валентина Дмитриевна төрөппүт уолугар Алексей Семенович Пинигиҥҥэ тиэрдэбит.

Пинигина Айылгы Муосчут кыыһа

 

507

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *