Улуустааҕы “Талба Талааннар” норуот айымньытын көрүү фестиваль
Чурапчыга улуустааҕы культура салалтата, улуустааҕы “Айылгы” норуот айымньытын дьиэтэ тэрийиилэринэн сэтинньи 1 күнүгэр үгэскэ кубулуйбут “Талба талааннар” норуот айымньытын көрүү фестиваль ыытылынна.
Тэрээhиҥҥэ барыта 17 нэhилиэк норуот айымньытын дьиэлэрин иhигэр үлэлиир куруhуоктар уонна түмсүүлэр “Дьоҕур, сатабыл, алтыhыы” түhүлгэтигэр кыттыыны ыллылар.
Күн бастакы аҥарыгар “Айылгы” норуот айымньытын дьиэтин фойетыгар икки этээhинэн норуот айымньытын дьиэлэрин куруhуоктарын, түмсүүлэрин быыстапкалаатылар. Ону тэҥэ бастыҥ үлэлээх айар коллективтар комиссия иннигэр үлэлэрин көмүскээн улууска үлэлиир творческай коллектив свидетельстволара туттарыннылар.
Эбиэттэн киэhээ дьоҕурга, сатабылга уhуйуу түhүлгэтигэр фолькор, үҥкүү, норуот уус-уран оноhуктарын хайысхаларыгар республикаҕа үлэлии-хамсыы сылдьар культура улэhиттэрэ: “Сандал” народнай ансаамбыл салайааччыта, СР культуратын уонна үөрэҕириитин туйгуна Сардаана Катакова, СР үтүөлээх артыыската, Аан Дойду культуратын маастара, Аан Дойду виртуоз хомусчута Варвара Степанова-Арчыына, “Симэх” национальнай киин информационнай отделын салайааччыта Саина Гоголева, уус-уран самодеятельность кыттыылаахтарыгар, талааннаах баҕалаах дьоммутугар практическай көмө оноhуллан, айар үлэлэригэр саҥа кэрдиис, олук уурулунна, инникитин бииргэ үлэлииргэ кэпсэтии ыытылынна.
Чурапчы улууhун норуот айымньытын отделын сэбиэдиссэйэ Елена Дьячковская