“Туймаада Ыһыаҕа – 2019” ыҥырар!
Бэс ыйын 29-30 күннэригэр ыытыллыахтаах “Туймаада ыһыаҕа – 2019” ханнык тэрээһиннэр буолалларын билиэҕиҥ.
Буолар сирэ: Үс Хатыҥ.
Бэс ыйын 29 күнэ.
Кэмэ | Тэрээһин | Буолар сирэ |
08:00 | Улуустар, уокуруктар, тэрилтэлэр, биир дойдулаахтар түһүлгэлэрин киэргэтии. Ыалдьыттары көрсүү (туспа былаанынан). | №27,28 “Алаһа” түһүлгэ. |
09:00 | “Арчы түһүлгэтэ”. Ыалдьыттары арчылааһын, ыраастааһын сиэрэ-туома. Алгыс. | “Аан Аартык” киирэр аан. |
09:00 | “Аар Кудук чэрчи мас”. Алгыс. Ыраастаныы сиэрэ-туома. | № 32 “Аар Кудук чэрчи мас” түһүлгэ. |
11:30 | “Туймаада ыһыаҕа – 2019” үөрүүлээх аһыллыыта. | № 3 Кымыс иһэр киин, “Тунах” түһүлгэ. |
13:30 | “Улуу Туймааданы уруйдуубут” оһуокай, СӨ Сомоҕолоһуу, Дьокуускайга иллээхтик ыаллаһан олоруу сылыгар уонна СО РАН РФ д.ф.н. Н.Е. Петровка ананар. | № 3 Кымыс иһэр киин, “Тунах” түһүлгэ. |
14:00 | “Өбүгэлэр оонньуулара” күүстээхтэр, быһыйдар күрэхтэрэ. | № 11 “Успуорт былаһаакката” түһүлгэ. |
14:00 | “Саргылаах саха кылыһахтаах куолаһа” фольклору толорооччулар бэстибээллэрэ. | № 7 “Тойук тоҕойо. Хомус кырдала” түһүлгэ. |
14:00 | “Саламаат – 2017” саха төрүт аһын күрэҕэ. | № 31 түһүлгэ, атыы-эргиэн эрээттэрэ. |
14:00 | “Ойуу-бичик түһүлгэтэ” – “За далью в даль” Уһук Илин худуоһунньуга, живописеһа Владимир Листровой уонна Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна ускуустуба устудьуоннарын быыстапката. | № 7 “Тойук тоҕойо. Хомус кырдала” түһүлгэ. |
14:00 | “Саха сайына, сайылыга” үгэс буолбут сиэр-туом. | № 10 “Саха уһаайбата” түһүлгэ. |
14:00 | “Доҕордоһуу кустугун анныгар” А.Е. Кулаковскай аатынан “Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ” тэрийэр бырагыраамата. | №16 “Талба талаан” түһүлгэ. |
14:00 | “Хотугу сир кустуга” Хотугу норуоттар тэрээһиннэрэ, КМНС ассоциацията төрүттэммитэ 30 сылыгар ананар. | № 30 “Дьүкээбил уота” түһүлгэ. |
14:00 | “Алгыс арчылаах түһүлгэтэ”норуот эмчиттэрин түһүлгэтэ. | № 2 түһүлгэ. “Күнү көрсүү” киинэ. |
14:00 | “Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин” Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын туруоруутугар испэктээк. | № 4 “Оһуокай” түһүлгэ. |
14:00 | “Кэрэхсэллээх кэрэ киэргэл” сахалыы киэргэл быыстапка-дьаарбаҥката. | № 29 “Киэргэ” түһүлгэ. |
14:00 | “Самаан сайыны уруйдуох” култуурунай тэрээһин. С.Зверев аатынан Үҥкүү тыйаатырын кэлэктиибэ. | № 6 “Ырыа-тойук кырдала” түһүлгэ. |
14:00 | “Кыынньар кырылас кымыс” кымыһы оҥорон таһаарааччылар быыстапка-дьаарбаҥкалара. | № 33 “Кымыс кырдала” түһүлгэ. |
14:00 | “Көмүс ыллык” кэнсиэр. | № 10 “Саха уһаайбата” түһүлгэ. |
14:00 | “Айар талаан кустуга” быыстапка. | № 12 “Симэх” быыстапка павильона. |
14:00 | “Дьоллоох оҕо саас”, “Бриллианты Якутии” оҕо ансаамбылын кэнсиэрдээҕи бырагыраамата. Салайааччылар: СӨ үтүөлээх артыыһа Зоя Соловьева уонна РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Афанасий Соловьев. | № 5 “Оҕо-аймах” түһүлгэтэ. |
14:00 | “Уус түһүлгэтэ” СӨ Тимир уустарын сойуустарын быыстапка-дьаарбаҥката. | № 29 “Киэргэ” түһүлгэ. |
14:00 | “Саха талба-мааны таҥаһа” национальнай таҥас-сап күрэһэ. | № 33 “Кымыс кырдала” түһүлгэ. |
14:00 | “Ырыа ыллыгынан” Эйгэ” вокальнай устуудьуйа бырааһынньыктааҕы бырагыраамата. | № 14 “Битии” түһүлгэ. |
14:00 | “ETNO-FEST” ыччат бырагыраамата. | № 9 “Дьөһөгөй” түһүлгэ. |
14:00 | “Остуол оонньуулара” тэрээһин. | № 10 “Саха уһаайбата” түһүлгэ. |
14:00 | “Sakhainnovation-2019”инновация бырайыактарын быыстапката. | № 23 “ГАУ “Технопарк “Якутия” түһүлгэтэ. |
14:30 | “Күлэ-үөрэ ыһыахтыах!” – Майатааҕы Аркадий Новиков аатынан “Көөчөөн көрө” мини-тыйаатыр бырагыраамата. | № 4 “Оһуокай” түһүлгэ. |
14:30 | “Бастыҥ батыйа” тимир уустарын күрэҕэ. | № 29 “Киэргэ” түһүлгэ. |
14:30 | “Хозяйка чума, сохрани свой очаг” Хотугу норуоттар күрэхтэрэ. | № 30 “Дьүкээбил уота” түһүлгэ. |
14:30 | “Саха сирэ – биһиги барыбыт дьиэтэ” анал бырагыраама. | № 16 “Талба талаан” түһүлгэ. |
15:00 | “Дьиэрэй ырыа, ыраахха диэри” – Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырын артыыстарын эҕэрдэ кэнсиэрэ. | № 6 “Ырыа-тойук кырдала” түһүлгэ. |
15:00 | “Үҥкүү тэтимэ” – “Тэтим” оҕо үҥкүү ансаамбылын тэрээһинэ. | № 5 “Оҕо аймах” түһүлгэтэ. |
15:00 | “Наследники традиций” гала-кэнсиэр. | № 30 “Дьүкээбил уота” түһүлгэ. |
15:00 | “Дьиэрэй сахам ырыата!” Варя Аманатова айар кэнсиэрэ. | № 14 “Битии” түһүлгэ. |
15:30 | “Бриллиантовые нотки” бэстибээл кыайыылаахтарын эҕэрдэ кэнсиэрэ. | № 29 “Киэргэ” түһүлгэ. |
15:30 | “Дьээбэ-хообо дьэбэлэйдэрэ” Горнайдааҕы норуот тыйаатырын кэнсиэрэ. | № 4 “Оһуокай” түһүлгэ. |
15:30 | “Согревать Якутию теплом” Бүлүүтээҕи Кыһыл Сыыр оҕо дьиэтин кэлэктиибин оҕолорго аналлаах бырагыраамата. | № 5 “Оҕо аймах” түһүлгэтэ. |
15:30 | “Эрэкэ-дьэрэкэ – сир симэхтэрэ” кырачааннар ортолоругар национальнай таҥас-сап күрэҕэ. | № 29 “Киэргэ” түһүлгэ. |
15:30 | “Айархаан абылаҥа” хомусчуттар үбүлүөйдээҕи күрэхтэрэ, СӨ үтүөлээх артыыһа Альбина Дегтярева. | № 7 “Тойук тоҕойо. Хомус кырдала” түһүлгэ. |
16:00 | “Сахам сирэ барахсан” – “Далбар” ансаамбылын уонна “Арчы” норуодунай хуорун кэнсиэрэ. | № 6 “Ырыа-тойук кырдала” түһүлгэ. |
16:00 | “Сылааһынан угуттуур олбох” – норуот маастардарын күрэһэ. | № 10 “Саха уһаайбата” түһүлгэ. |
16:00 | “Кыл саха алгыстаах дорҕоонноро” бырааһынньыктааҕы кэнсиэр. | № 33 “Кымыс кырдала” түһүлгэ. |
16:00 | “Ырыа ымыылаах оҕо саас” – Екатерина уонна Алексксей Егоровтар “Сырдык сүүрээн” устуудьуйаларын кэнсиэрэ. | № 5 “Оҕо аймах” түһүлгэтэ. |
16:00 | “Тэтим, өссө түгүл тэтим!” – “Тэтим” барабаанньыттар этно-бөлөхтөрүн эҕэрдэ кэнсиэрэ. Салайааччылар Клавдия уонна Герман Хатылаевтар. | № 30 “Дьүкээбил уота” түһүлгэ. |
16:00 | “Сайылык ырыатын ахтылҕана” бырааһынньыктааҕы бырагыраама. | № 10 “Саха уһаайбата” түһүлгэ. |
16:00 | “Ыһыаҕым ымыылаах ырыата” Анастасия Готовцева кэнсиэрэ. | № 14 “Битии” түһүлгэ. |
16:00 | “Кымыстыы кутуллар ырыалар” иккис төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх. | № 16 “Талба талаан” түһүлгэ |
17:00 | “Туймаада хочото – доҕордоһуу биһигэ” бырааһынньыктааҕы бырагыраама. | № 33 “Кымыс кырдала” түһүлгэ. |
17:00 | “Күөрэгэй – алаас ырыата” Алевтина Лукина кэнсиэрэ. | № 6 “Ырыа-тойук кырдала” түһүлгэ |
17:00 | “Саха уран иэйиитэ” Ырыа Саарын кэнсиэрэ. | № 14 “Битии” түһүлгэ. |
17:30 | “Ыһыах күнүн уруйдаан”бырааһынньыктааҕы кэнсиэр. | № 10 “Саха уһаайбата” түһүлгэ. |
17:30 | “Лоокуут уонна Ньургуһун” Саха тыйаатырын туруоруутугар драма. | № 4 “Оһуокай” түһүлгэ. |
18:00 | “Күн көрө” – “Кыырай” түмсүү кэнсиэрэ. | № 5 “Оҕо аймах” түһүлгэтэ. |
18:00 | “Хейро” долганнар бырааһынньыктара. | № 30 “Дьүкээбил уота” түһүлгэ. |
18:00 | “Толбоннурар уһун суһуох” дьахталлар көлүөнэнэн күрэхтэрэ. | № 7 “Тойук тоҕойо. Хомус кырдала” түһүлгэ. |
18:00 | “Дыгын оонньуулара” | № 11 “Успуорт былаһаакката” |
18:00 | “Истиий дуу, байааным ырыатын” бырааһынньыктааҕы бырагыраама. | № 33 “Кымыс кырдала” түһүлгэ. |
18:00 | “Поэзия – колыбель добра и дружбы” поэзия бэстибээлэ. | № 16 “Талба талаан” түһүлгэ |
18:00 | “Дьөһөгөй күрэҕэ”- Дьокуускай баһылыгын бирииһигэр ат сүүрдүүтэ. | № 9 “Дьөһөгөй” түһүлгэ. |
18:30 | “Үрдүк күн – ыһыах күн” бырааһынньыктааҕы бырагыраама. | № 9 “Дьөһөгөй” түһүлгэ. |
19:00 | “Ала булкун” испэктээк. Олоҥхо тыйаатыра. | № 4 “Оһуокай” түһүлгэ. |
19:00 | “Көтөллөр көмүс дорҕооннор” мелодистар кэнсиэрдэрэ. | № 6 “Ырыа-тойук кырдала” түһүлгэ |
19:00 | “Кымыстаах чорону көтөҕөн” бырааһынньыктааҕы бырагыраама. | № 16 “Талба талаан” түһүлгэ. |
19:30 | “Алгыстаах ырыам тыллара” кэнсиэр. | № 10 “Саха уһаайбата” түһүлгэ. |
20:00 | “Үүнүү” Айаал Сильверсан айар киэһэтэ. | № 14 “Битии” түһүлгэ. |
20:00 | “Доктор САРО” циркэ бөлөҕүн култуурунай бырагыраамата. | № 5 “Оҕо аймах” түһүлгэтэ. |
20:00 | “Бассаап барахсан” кэмиэдьийэ испэктээк. | № 4 “Оһуокай” түһүлгэ. |
21:00 | “Сарсыарда” Валентина Романова-Чыскыырай кэнсиэрэ. | № 6 “Ырыа-тойук кырдала” түһүлгэ. |
21:00 | “Киристэпиэл кэрэхсэлэ” дэгэрэҥ күрэҕин кыайыылаахтарын кэнсиэрэ. | № 7 “Тойук тоҕойо. Хомус кырдала” түһүлгэ. |
22:00 | “Көрбүтүм эйигин ыһыахха”Сахаайа кэнсиэрэ. | № 14 “Битии” түһүлгэ. |
22:00 | “Дьол түһүлгэтэ” эстрада ырыаһыттарын кэнсиэрэ. | № 3 Кымыс иһэр киин, “Тунах” түһүлгэ. |
22:00 | “Ырыа куттаах ыччаттар”. Рустам Хон кэнсиэрэ. | № 6 “Ырыа-тойук кырдала” түһүлгэ. |
22:00 | “Үрүҥ түүн – үҥкүү-битии” | № 29 “Киэргэ” түһүлгэ. |
23:00 | “Кутуллар кылыһах дорҕооно” норуот ырыатын толорууга улуустан сылдьар ырыаһыттар кыттыылаах кэнсиэр. | № 7 “Тойук тоҕойо. Хомус кырдала” түһүлгэ. |
23:00 | “Ыһыах дуораана” – “103” этно-рок бөлөх анал бырагыраамата. | № 6 “Ырыа-тойук кырдала” түһүлгэ. |
23:00 | “Саха киинэтэ биһиги олохпутугар” – сахалыы документальнай киинэни “Синема центр” көрдөрөр. | № 9 “Дьөһөгөй” түһүлгэ. |
00:00 | “Саха ыччатын саргылаах түһүлгэтэ” – “Добун” устуудьуйа кэнсиэрэ. | № 14 “Битии” түһүлгэ. |
Бэс ыйын 30 күнэ
02:15 | Күнү көрсүү сиэрэ-туома. Оһуокай. | №2 түһүлгэ. “Күнү көрсүү” киинэ. |
09:00 | “Аар Кудук чэрчи мас”. Алгыс. Ыраастаныы сиэрэ-туома. | №32 “Аар Кудук чэрчи мас” түһүлгэ. |
09:00 | “Арчы түһүлгэтэ”. Ыраастаныы сиэрэ-туома. Алгыс. | “Аан Аартык” киирэр аан. |
10:00 | “Айар талаан кустуга” быыстапка. | №12 “Симэх” быыстапка павильона. |
11:00 | “Тыаһыыр хомус” тимир уустарын күрэҕэ. | №29 “Киэргэ” түһүлгэ. |
11:00 | “Өбүгэ оонньуута”. | №30 “Дьүкээбил уота” түһүлгэ. |
11:00 | “Көҥүл оһуокай”. | №4 “Оһуокай” түһүлгэ. |
11:00 | “Саха сайына, сайылыга” сахалыы сиэр-туом. | №10 “Саха уһаайбата” түһүлгэ. |
12:00 | “Дыгын оонньуулара” финал. | №3 Кымыс иһэр киин, “Тунах” түһүлгэ. |
12:00 | “Алгыс арчылаах түһүлгэтэ” – норуот эмчиттэрин түһүлгэтэ. | №2 түһүлгэ. “Күнү көрсүү” киинэ. |
12:00 | “Оонньуур-көрүлүүр оҕо саас” – оҕолорго аналлаах бырагыраама. | №5 “Оҕо аймах” түһүлгэтэ. |
14:00 | “Туойуоҕуҥ Сахабыт сирин” – “Сайсары” ансаамбылын кэнсиэрэ. | №16 “Талба талаан” түһүлгэ. |
17:00 | “Дыгын оонньууларын” кыайыылаахтарын наҕараадалааһын. | №3 Кымыс иһэр киин, “Тунах” түһүлгэ. |
17:00 | Ытык сиргэ сүгүрүйүү. | №8 “Ытык сир” түһүлгэ. |
18:00 | Баһылык бирииһигэр ат сүүрдүүтэ. | №9 “Дьөһөгөй” түһүлгэ. |
783