Туос ситимин салҕааммын
Тохсунньу 30 күнүгэр Нөмүгү нэһилиэгэр биир бэлиэ күн буолан ааста. Айылҕаттан айдарыылаах, тарбаҕар талааннаах, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Семен Степанович Черноградскай 60 сааһын туолар үбүлүөйүгэр аналлаах «Туос ситимин салҕааммын» – диэн айар үлэтин быыстапкатын арыллыыта уонна маастары чиэстиир тэрээһин ыытылынна. Бу күн “Түһүлгэ” култуура киинигэр улууспут дьаһалтата, ыраах сиртэн ыҥырыылаах ыалдьыттар, кэрэни кэрэхсээччилэр, түмсүүлэр, олохтоох нэһилиэнньэ Семен Степанович үөрүүтүн үллэстэ кэлбиттэрэ үөртэ.
Тэрээһини Семен Степанович үбүлүөйдээх күнүгэр анаммыт алгыс сиэринэн-туомунан арыйда Саха Республикатын культуратын туйгуна Л.В. Харитонова. Истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр Хаҥалас улууһа муниципальнай оройуон баһылыгын солбуйааччыта Н.Н.Федоров, улуус культураҕа уонна духуобунаска сайдыы салайааччыта С.В.Громова, Нөмүгү нэһилиэгин баһылыга Н.В. Устинов, “Симэх” норуот искусствотын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинин дириэктэрин солбуйааччыта Д.К.Осипов, “Симэх” фондатын тутаах үлэһитэ А.Ф.Харлампьева. Бу үөрүүлээх күн Семен Степановичка «За вклад в развитие народного художественного творчества РС(Я)» уонна “За влад в развитие культуры Усть-Алданского улуса” бэлиэлэр туттарылыннылар.
Семен Степановичка төрөөбүт төрүт дойдутуттан, Уйгулаах Уус-Алдан улууһуттан аймах-билэ дьоно, улууһун дьаһалтата кэлэн үрдүк сыанаттан эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Делегацияны илээн-саҕалаан аҕаллылар маастар бииргэ төтөөбүт эдьиийэ С.С.Васильева, чугас аймаҕа Л.С.Заболоцкая. Черноградскайдар дьиэ кэргэн эрэллээх табаарыстара, биллиилээх асчыт И.И. Тарбахов анал үбүлүөйүнэй туордунан күндүлээтэ, алгыс тылын анаата.
Бары билэрбит курдук, Семен Степанович элбэх республиканскай көрүү күрэхтэр кыайыылаахтара, российскай, аан дойдутааҕы фестиваллар лауреаттара уонна дипломана. Кини туостан уопсайа 500-тэн тахса бөҕө-таҕа, сиэдэрэй оһуордаах, көрүөхтэн кэрэ оҥоһуктары айан – тутан таһаарбыта кэрэхсэтэр. Биллиилээх маастар 9 тупсаҕай үлэлэрэ Е. Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр музейга хараллан тураллара кини уһулуччу талаанын, үрдук маастарыстыбатын туоһулууллар. 200-тэн тахса туос иһиттэрэ маастар доҕотторун, чугас дьонун, аймахтарын чааһынай түмэллэрин киэргэтэллэр. Семен Степанович сылга 30-40-ча сахалыы моһуоннаах иһити оҥорон таһаарар кыахтаах маастар буолар. Кини оҥоһуктара бары да бэйэ бэйэлэригэр маарыннаспаттар, иһиттэрин сииктэрэ эмиэ хатыласпаттар.
С.С.Черноградскай айылҕаттан бэриллибит талаанын ийэтиттэн, биллиилээх туосчут Мария Михайловна Черноградскаяттан утумнаабыт. Бэлиэтээн эттэххэ, Мария Михайловна Уус-Алдантан төрүттээх норуот маастара, туос оҥоһуктары оҥоруу көрүҥүн бэйэтин улууһугар эрэ буолбакка, бүттүүн Саха сиригэр сөргүппүт норуот маастарынан биллэр. Семен Степанович сэһэниттэн, ийэтэ кини ураты талаанын бастакынан бэлиэтии көрөн, арыйан, туос оҥоһуктары оҥоруунан дьарыгырарга уһуйбут, сайдар суолун ыйбыт киһитинэн буолар эбит. Маастар: “Ийэбэр махталым муҥура суох ”, – диэн этэр.
С.С.Черноградскай идэ оҥостубут дьарыгар 100-тэн тахсар киһини уһуйан, туоһунан үлэлииргэ үөрэппит. Бу күн үөрэнээччилэрэ киниэхэ истиҥ эҕэрдэлэрин, махтал тылларын эттилэр. Ол курдук Дьокуускай куорат ойуулуур-дьүһүннүүр училищетыттан «Береста» студеннар түмсүүлэрэ уонна кинилэр салайааччылара Н.Е.Корнилова, өрөспүүбүлүкэтээҕи туосчуттар бөлөхтөрө, «Уран» Хаҥалас улууһун маастардар түмсүүлэрин аатыттан М.С.Гаврильева, биирдиилээн дьарыгырар дьон иһирэх тылларын анаатылар. Нөмүгү нэьилиэгин олохтоохторо, общественнай түмсүүлэр, култуура үлэһиттэрэ бары биир киһи курдук түмсүүлээхтик тэринэн чахчы да истиҥ тэрээһин ааста.
“Арчы Дьиэтэ” норуот айымньытын киинин
методиһэ Надежда Степанова
ЛЕНТА КЫРЫЙЫЫТА, ВЫСТАВКА АРЫЛЛЫЫТА
Семен Степанович 1959 с. тохсунньу 30 күнүгэр Уус-Алдан улууһун Өнөр нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Оскуола кэнниттэн “Дүпсүн» совхозка араас үлэрэргэ үлэлээбитэ. Олоҕун аргыһа Александра Ивановналыын икки уол оҕолоохтор, 2009 сыллаахтан Ытык Хаҥалас сирин иккис дойду оҥостон ситиһиилээхтик айа-тута, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Семен Степанович 1991 сыллаахтан туостан иһит тигиитинэн утумнаахтык дьарыктанар. 2005 СӨ норуотун маастарын үрдүк аата иҥэриллибитэ.
Кини айылҕаттан бэриллибит талаанын бэлиэтии көрөн, арыйан, туос оҥоһуктары оҥоруунан дьарыгырарга бастакы уһуйааччытынан буолбута кини чугас киһитэ – ийэтэ, Уус-Алдантан төрүттээх норуот маастара Мария Михайловна Черноградская. Мария Михайловна туос оҥоһуктары оҥоруу көрүҥүн бэйэтин улууһугар эрэ буолбакка, Саха сиригэр сөргүппүт норуот маастарынан биллэр.