Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

Новости

Убаастабыллаах өбүгэ төрүт ииһин сэҥээрээччи!

Оксокулээх Олоксой аатынан норуоттар догордоьууларын дьиэтигэр Симэх Национальнай киинигэр ахсынньы 7 кунуттэн 13 кунугэр диэри эһигини Таатта улууһун маастардарын Анна Викторовна Афанасьева уонна Марфа Афанасьевна Сидорова айар улэлэрин быыстапкатыгар ыҥырабыт.

Ахсынньы 11 күнүгэр 11-00 чаастан
Саха иистэнньэннэрин саха танаьын тула кэпсэтиигэ ынырабыт. Элбэҕи, урут истибэтэххитин истиэххит, кэлиҥ, сылдьыҥ. Чөркөөх, Хадаайы музейдарын фондаларыгар уонна чааһынай бас билиигэ баар, 130 сыл анараа өттүнээҕи халадаай ырбаахылар, этэрбэстэр, иирээхтээх үтүлүктэр тустарынан. Өбүгэбит таҥаһын ситэ үөрэтиллибэккэ, умнууга хаалан сылдьар кистэлэҥнэрин. ыытар маастар кылаастарыгар

Ахсынньы 11 күнүгэр 14-00 чаастан
Таатта улууһун бастакы кулубата И.Е.Кулаковскай-Оонньуулаах Уйбаан кыыһын Вера Ивановна 1914 сыллаахха тикпит үтүлүгэр олоҕуран, таатталыы ИИРЭЭХТЭЭХ ҮТҮЛҮГҮ тигии.
Бэйэҕитин кытары илдьэ кэлэҕит – кыптыый, киэп быһар халыҥ кумааҕы, линейка, харандаас үтүлүккэ сөптөөх материал, түүлээх сыыһа, иннэ, сап, сүүтүк.
Маастар кылааһы ыытал лар Сидорова М.А., Афанасьева А.В.

Ахсынньы 12 күнүгэр 11-00 чаастан
Таатта саарытын көрүҥнэрин тигии кистэлэҥнэрэ
1.Тумустаах этэрбэһи тигии , тумус анньыыта, киэп быһыыта. Бэйэҕитин кытары туттуллар материаллары илдьэ кэлэҕит
2 Тоҥустуу (Уостаах) тумустаах этэрбэһи тигиигэ сүбэлэр, киэп быһыыта.
Маастар кылааһы ыыталлар – Сидорова М.А.Афанасьева А.В.

Ахсынньы 13 күнүгэр 11-00 чаастан
Тыллаах, иннинэн уолуктаах былыргылыы халадаай ырбаахыны быһыы, тигии кистэлэҥнэрэ. Бэйэҕитин кытары илдьэ кэлэҕит – киэп быһарга сөптөөх кумааҕы, кыптыый, линейка, харандаас, боруобалаан тигэн көрүөн баҕалаахтар материал, иннэ сап.
Маастар кылааһы ыыталлар – Сидорова М.А. Афанасьева А.В.

«Таатта саарыта» түмсуу, “Өбүгэ үгэһэ” обшественнай хамсааһын, Таатта улууһуниистэнньэҥнэрин салайааччыта И.Элякова
89644191967

518

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *