Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

Новости

Икки үйэ анараа өттүгэр баар Моҕол Ураһа сөргүтүлүннэ

Судаарыстыбаннас күнүн уонна Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус төрөөбүтэ 75 сыллаах үбүлүөйүн көрсө Таатта улууһун Баайаҕатыгар Мандар Уус барҕа баҕата – Моҕол Ураһа сандаарда.

Булгуруйбат модун санаа, уһулуччу сатабыл, тулуур, эрэл, олоххо тус көрүү, үйэлээҕи – кэскиллээҕи анаарыы, айылҕаны кытта ыкса ситим, олоххо ирдэбил, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыы, күүс – уох, мындыр, бигэ тирэх – бу биһиги өбүгэбит философията. Өбүгэ үөрэҕин ситимэ быстыбатын туһугар туруулаһа, үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьар, биһиги, саха норуотун барыбыт учууталбыт, ытык киһибит Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус. Кини үлэлэрэ – кинигэлэрэ Саха Сиригэр киэҥник тарҕана көтөн, дьон-айма5ы кэрэҕэ-сырдыкка угуйда, дьону толкуйга түһэрдэ, үерэттэ, элбэх киһи төруттэриттэн бэриллибит сатабылларын, талааннарын уһугуннардылар.

Ол курдук, биэс сыл устата өрөспүүбүлүкэ хас да улууһугар, Таатта бары нэһилиэктэригэр ураһа испэ, таспа туоһа, хаппахчы диэлитэ мындырдык ойууланан-дьарҕааланан үтүмэн иистэнньэҥ илиитинэн айылынна.

Ураһа ис бараанын ситэриигэ уустар, иистэнньэҥнэр, уопсастыбаннас кыттыста. Хотун, Тойон уонна хаппахчы оронун таҥаһын бас-көс, тумус туттар иистэнньэҥнэр айдылар-туттулар. Маны сэргэ утуйар таҥастар кэмпилиэктэрин тигиигэ Дьохсоҕон, Чымынаайы иистэнньэҥ далбар хотуттара, итиэннэ улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин кэрэ аҥардара тиктилэр. Иистэнньэҥнэр, уустар, норуот маастардарын көмөлөрүнэн иһитэ-хомуоһа, таҥаһа-саба мунньулунна.

Мандар Уус өбүгэлэрбиттэн кэлбит баайы үйэтитэр улахан үлэтэ туос Моҕол Ураһаны – саха материальнай, духуобунай төрүт култууратын кэрэһилиир сүдү тутуутун сөргүттэ. Ытык киһибит салайааччылаах бүтүн Саха сирин дьоно-сэргэтэ бу улахан суолталаах үлэҕэ түмсэн үлэлээбит түмүгүн көрөргө кэрэхсэбиллээх.

Өбүгэбит үөрэҕин сиэттэрэн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ илдьэ сылдьар бары ытык иэспит.

905

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *