Уус–Алдаҥҥа “Моҕол ураһа” тутуллар
Mуус устар 3 күнүгэр «Симэх» норуот искусствотын уонна уус–уран оҥоһуктарын Национальнай киинин, Уус–Алдан улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын, «Мындыр» түмсүү тэрийиилэринэн уус кыһатыгар СӨ норуотун маастара Колодезникова Екатерина Ивановна салайар «Оһуор утум» түмсүү Мандар Уус бырайыагынан Моҕол ураһа Кыыс Хаппахчытын олоххо киллэрбит айар быыстапкатын үөрүүлээх аһыллыыта уонна республиканскай семинар-практикум буолла. Бу тэрээһиҥҥэ Тааттаттан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Бүлүүттэн уонна бэйэбит нэһилиэктэрбититтэн 38 киһи кэлэн кыттыыны ылла.
Моҕол ураһа тигиитигэр семинар-практикумҥа П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Духуобунас академиятын академига, тимир ууһа, ойууһут, норуот маастара Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус кыттыыны ылла. Борис Федорович Моҕол ураһа бырайыага олоххо киирэн эрэриттэн улаханнык астынарын биллэрдэ. Төрөөбүт нэһилиэгэр Моҕол ураһа тутулла турарын туһунан иһитиннэрдэ. Атын улуустар бу бырайыагы өйүүллэрин, көмөлөһөллөрүн, республика маастардара Ураһа ис барааныгар оҥоһуктарын бэлэх уунарга бэлэмнэрин эттэ. Таатта улууһун нэһилиэктэрэ бары тиксэн көмөлөһөллөр эбит. Холобура, Уус-Таатталар 20-н тахса таспа туоһу тигэн аҕалан бу күннэргэ туттарбыттар.
«Оһуор утум» түмсүү салайааччыта, СӨ норуотун маастара Колодезникова Екатерина Ивановна хайдах тикпитин, тэриммитин туһунан маннык кэпсиир:
“Элбэх сыранан үлэлээн тэринэрбитигэр 2-3 сыл барбыта биллибэккэ хаалла. Барыта проект быһыытынан тигилиннэ. Сүүһүн тигиитин кийиитим Саргылана Гаврильевна тиктэ. Диэли икки өттүн Дегтярева Татьяна Гаврильевна, Горохова Варвара Михайловна тиктилэр. Түмсүүбэр көмөлөһөөччүлэрдээхпин. Диэли быатын Данилова Людмила Ивановна хатта. Хомус ууһа Куличкин Петр Дмитриевич туоска түһэрэр ойуубут тимирин оҥорон биэрбитэ. Мас ууһа Петров Семен Семенович улаханнык көмөлөстө. Кэргэнэ Мария Егоровна туостарбытын өҥнүүргэ адьас абыраата. Ыраастааһыныгар, хастааһыныгар бары бииргэ түмсэн үлэлиибит. Көҥдөй туораах киэргэллэри, кулгаах сарбынньахтары барытын уолум Лоокуут Егорович оҥордо. Туоһун хастааһына, илии-атах буолар үлэ элбэх, кинитэ суох хамсаабаппын. Уолум Иннокентий Егорович эскиз оҥоһуутугар размера улахан буолан тутуһан, сурааһыннаан, бииргэ көмөлөөн оҥордубут. Оҕуруотун кыыһым Ньургуһун Егоровна тиктэ. Сиэттэр эбээҕэ точкалаан биэрээһиҥҥэ көмөлөспүттэрэ. Моҕол ураһа бырайыагы олоххо киллэрэр сыалтан туос хастааһыныгар улуус администрацията гсм-нан уонна массыына биэрэн көмөлөһөр. «Оһуор утум” түмсүү Кыыс хаппахчытын бастакынан бүтэрдибит, историяҕа киирэр үлэни оҥордубут. Ким ураһа тигиитигэр кыттыан баҕалаахтары маастар-кылаас тэрийэн, ууспут дьиэтигэр үлэлиэхпит, кэккэбит хаҥыа. Өбүгэлэрбит Айылҕаҕа сүгүрүйэр Үрдүк Айыыларбытыттан көрдөһөн, ааттаһан тикпит ураһаларын тутуохтара диэн эрэнэбин. Саатар биир ураһа тутуллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын”–диир Моҕол ураһа тутуутугар үлэлии–хамсыы сылдьар норуот маастара.
Мандар Уус эппит тыллара алгыс буолан эргилиннин, саха норуотун саамай Чыпчаал айымньыта, тутуута Моҕол ураһа бырайыак олоххо киирэригэр бары олуһун диэн баҕарабыт.
Мотрена Герасимова