Уус-Алдан улууһун «Мындыр» Уус кыһата
Уус-Алдан улууһун «Мындыр» Уус кыһата, ахсынньы ый 18 күнүгэр, «Ёлка добра» акция чэрчитинэн, реабилитационнай киин оҕолоругар анаан Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык тэрээһинин тэрийдилэр.
Манна оҕолор норуоппут маастардарын үлэлэрин, Уус дьиэтэ туохха ананан, аһыллан үлэлии турарын сиһилии билистилэр, ону тэҥэ маастар кылаастары ыллылар. Тэрээһиммит иккис чааһыгар оҕолорго анаан Саҥа дьыллааҕы елка уотун уматан, Дед мороз, кэлэр сыл символа Сибиинньэ маскарада буоланнар, Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык үөрүүтүн саҕалаатылар.
Оҕолорго эҕэрдэ тылын этэн, оонньуу арааһын оонньотон, маастардар астаабыт минньигэс астарынан күндүлээн, Дед Мороз подарок туттаран, оҕолор барахсаттар үөрдүлэр- көттүлэр, Кырачаан оҕолорго
умнуллубат түгэни бэлэхтээтилэр. «Маннык аһымал акцияны тэрийэн, оҕолорбутун үөрдэ – көтүтэ, ыыта туруоҕуҥ» – диэн барыгытын ыҥырабыт.