Симэх

Национальный центр народного прикладного искусства и художественных промыслов

Новости

В селе Хатассы открылся Центр ремёсел

Ахсынньы 20 күнүгэр Хатас “Тускул” культура киинигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга “Симэх” норуот искусствотын уонна уус-уран оҥоһуктарын Национальнай Киинин уонна Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы норуот айымньытын киинэ бииргэ үлэлээһиҥҥэ дуогабар түһэристилэр.

Дуогабар чэрчитинэн “Тускул” культура киинин иһинэн «Центр ремёсел» аһылынна. Онон Хатас нэһилиэгин уран тарбахтаахтара — мас уустара, тимири уһаарааччылара, туойунан, туоһунан, сиэлинэн оҥоһуктары оҥорооччулара, иистэнньэҥнэрэ мустар, үлэлэрин ырытыһар, былааннаһар миэстэлэннилэр.

Элбэх быыстапкаларга кыттыы, норуот уһанар төрүт дьарыктарын сайыннарыы, үгэстэри сөргүтүү ыытыллыа. Хатас олохтоохторо, тарбаҕар талааннаах дьонноро иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атаарыахтара, кэрэхсэнэр айымньылары айыахтара. Тарбаҕар талааннаах дьоннор оҥоһуктара анал киоскаҕа атыыга тахсыа, тыа сирин үлэһит дьоно эбии дохуоттанарыгар олук уурулунна.

516

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *